Перевод с якутского
ырылый
туохтуур
Нууччалыы быть отчётливо видным, хорошо различимым
1 туохтуур #
Олус чуолкайдык, бу баар курдук көһүн
Нууччалыы Быть отчётливо видным, хорошо различимым
Ый сырдыгар сүүрүгүм Ырылыйа дьулуста. С. Данилов Саҥа түспүт хаарга сырыырҕаабыт араас кыыл суола, ат үрдүттэн көрдөххө, бу ырылыйа сытара. Далан Кырааскалаах ыраас эркиҥҥэ сурааһын ырылыйан көстөрө ААС
2 туохтуур #
Чуолкайдык билин, дьэҥкэтик көстөн, өйдөнөн кэл
Нууччалыы Становиться ясным, чётким, отчётливым
Итэҕэскин эрдэ билиэҥ – Көннөрүнэр суол Көстө ырылыйыа. Р. Баҕатаайыскай Биһиги дьыалабыт кырдьыктааҕа көстүөҕэ, сырдаан, ырылыйан, тахсан иһиэҕэ! А. Сыромятникова Суруйааччы, дьиҥ улахан суруйааччы буоллаҕына, -- айымньыта -- урут харахха көстүбэт араас дьэрэкээннэрэ, сурааһыннара, санаалара ырылыйан тахсан иһэр эбээт Кыым