Перевод с якутского
ырылыччы
Нууччалыы очень разборчиво, отчётливо, чётко
1 #
сыһ
Саҥа хаар саппыкыга-бачыыҥкаҕа отой сыстыбат – атах суола бэчээт курдук ырылыччы олорон хаалар. Далан Туман көтөн, сотору сир үрдэ дьэҥкэрэ түстэ уонна бүтүннүү ырылыччы көһүннэ. Д. Кустуров Сөтүөлүүр сиргэ киһи быһыытын-тутуутун туох баар итэҕэһэ, оҥкула дьон хараҕар ырылыччы көстөөччү ДьБ
2 #
Олус үчүгэйдик көстөр гына, дьэҥкэтик, чуолкайдык
Нууччалыы Очень разборчиво, отчётливо, чётко
3 #
Олус дьэҥкэтик, чуолкайдык биллэр-көстөр, өйдөнөр гына
Нууччалыы Ясно, чётко, наглядно
Сэрии ыар сылларыгар ким хайдаҕа ырылыччы көстүбүтэ. В. Титов Марк Михайлович – мындыр психолог. Кини оҕо ис дууһатын ырылыччы көрөр. ХС География аан дойду континеннарын, норуоттарын олохторун-дьаһахтарын ырылыччы көрдөрөр Кыым