ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырҕа

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы толстопузый, толстобрюхий

1 даҕааһын #

сөбүлээб. Уойбут-топпут, олус суон

Нууччалыы Толстопузый, толстобрюхий

  • Мин -- муус тараҕай ырҕа дьаалы тойон иннигэр үлэ көрдөөн сүгүрүйбүтүм.
    Эрилик Эристиин
  • [Өкүүчэ] Таас Дьааҥы ырҕа баайдарыгар Таҥас сууйан аһаабыта
    С. Васильев

2 аат тыл #

суолт., сөбүлээб. Аһара байбыт, уойбут-топпут киһи

Нууччалыы Толстопузый, толстобрюхий богач

  • Быйыл бу ыксааммын, эһиил төлүүргэ от иэс көрдөппүппэр, -- үрдүк бэйэлээх ырҕа оҕокком сыыһын сынньан таһаарар буоллаҕа
    МНН

3 этии #

Ырҕа дьаама туолбут аб. – аһара барбыт, эстэр кэмэ кэлбит Бу биэс уон сыл тухары муҥутаабыт буор түҥэтик уларыйыан сөп буолла. Кэмэ-кэрдиитэ ситтэ, ырҕа дьаама туолла. Суорун Омоллоон. Арыт-ардыгар аһара аһаан, ырҕа дьааммыт туолан -- ынаҕар истэммиппит, өтөҕөр түөстэммиппит иннигэр, түҥ өрдөөҕү үйэлэртэн түөрэхпит олорбутун, төлкөбүт түстэммитин төрүт умнуо суохтаахпыт. "ХС". Ср. ДТС ырҕа ʽраскачивать, трястиʼ, казах. ырҕа ʽкачать, покачиватьʼ

Нууччалыы соотв. дойти до точки

«Ы» буукуба