Перевод с якутского
ыстаа
туохтуур
Нууччалыы размельчать, растирать что-л. зубами (напр., твёрдую пищу), жевать, разжёвывать
English to chew
1 туохтуур #
Тугу эмэ (хол., кытаанах аһы) ыйыстар курдук гына, тиискинэн быһыта ытыран илдьирит
Нууччалыы Размельчать, растирать что-л. зубами (напр., твёрдую пищу), жевать, разжёвывать
Сиэҥкэ тиит сымалатын тыҥырахтаан ыла-ыла ыстыыр.
КүндэСиикэй хаптаҕаһы айаҕын муҥунан симинэн баран курдурҕаччы ыстыыра.
Н. ЛугиновЫҥыыр ат күөх оту үрдүттэн тэпсэн туран, сылайбыт быһыынан күллүргэччи ыстыы турарын көрдө Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Кими эмэ хал оҥоруоххар диэри, арахпакка саҥар
Нууччалыы Надоедливо, назойливо приставать к кому-л. с упрёками, пилить. [Күөх Көппө:] Лаабырҕаама, эмээхсин, онто суох, бэйэтэ төһө эмэ сылайан, аччыктаан кэлбит киһини аны эн ыстыырыҥ итэҕэс эбит дии!
Бу тойон Лобуохтан куттанан, сыыр намыһахтыы миигин ыстыы сыт итиннэ. Күннүк Уурастыырап Айталина ити кэнниттэн кэргэнигэр үтүө түгэни мүччү туттардыҥ диэн ыстыыр ыаһахтаммыта П. Аввакумов
3 этии #
Нууччалыы Делать что-л. за кого-л., разжёвывать, растолковывать
Этиилэр
Тылын быһа ыстыыр көр тыл II
Киһилэрэ өмүттэн хаалла, тылын быһа ыстаан, ууну омурдубут курдук турда. ХС
Тылын ыстыыр көр тыл I
"Ол-бу сымыйа хобу-сиби төрүт итэҕэйимэҥ, сымыйанан тылгытын ыстыаххыт да… ", – Тойон киһи сутуругун хам сууланна. И. Гоголев Борис ити мээнэҕэ, оонньуу-көр оҥостон тылын ыстаабат киһи, тугу эрэ оҥорон баран тэйэрэ буолуо. В. Яковлев
Ыас гынан ыстаа
ыстыыр ыас оҥоһун диэн курдук. Эн миигин ыас гынан ыстаама, оннооҕор аҕам да үөрэппэт этэ. Суорун Омоллоон. Сата, куолутунан, эрин ыас гынан ыстаабытынан барбыта. Далан. Ыстаан биэр кэпс. – кимиэхэ эмэ тугу эмэ эрдэттэн барытын бэлэмнээн, оҥорон биэр Маныаха ордук кэрэхсэбиллээҕэ – поэт эрдэттэн барытын ыстаан биэрбэт. "ХС". Сорохтор биллэр да суолу ыстаан биэрэ, үөрэтэ-такайа сатыыллар. "Чолбон". Ыстыыр ыас оҥоһун кэпс. – кими эмэ алҕаһын, итэҕэһин була сатыы-сатыы, саҥара, аала сырыт, дьоҥҥо кэпсэл оҥоһун.
Замучить кого-л. постоянными упрёками, придирками (букв. превратить в предмет жвачки).
"Артур уотуллар сүөһүлэри аанньа көрбөккүт диэн хас көрүстэҕин ахсын ыстыыр ыас оҥоһунна", – диэтэ Киргиэлэй. В. Протодьяконов Кэс ынаҕы сайын ортото уолларда диэн ыстыыр ыас оҥостуоҥ. Н. Апросимов
Өссө холобурдар (2)
Бу күннэргэ бөһүөлэк дьахталлара эһигини ыстыыр ыас оҥоһуннулар быһыылаах. И. Семёнов Ср. др. -тюрк., кирг. азых ‘пища, продовольствие, провиант’; тюрк. ысыр ‘кусать’