Перевод с якутского
ыстаада
аат тыл
Нууччалыы стадо домашних оленей
1 аат тыл #
Бииргэ үөрүнэн сылдьар дьиэ табата
Нууччалыы Стадо домашних оленей
Ыстаадаттан быстан барбыт табаны эккирэтэн, уонча саастаах уолчаан сүүрэн туораахтанар. А. Сыромятникова Саас ыстаада бүтүннүүтэ кыс устата чээччэйбит сиһиттэн тэйэн, өлгөм аһылыктаах туундара диэки киириэхтээх. ВВ ЫСЫ. Ыстааданы киэҥник тутан маныыллар, хаһан даҕаны үүрбэттэр-түрүйбэттэр. ТСА БТ
2 аат тыл #
Дьиэ табатын иитэр, бостууктуур сир
Нууччалыы Стойбище домашних оленей, стадо
Биэс-алта тыһыынча табалаах ыстаада куһаҕана суох көрдөрүүлээҕэ. С. Руфов Ыстаадалар үлэһиттэрин аһынан-таҥаһынан хааччыйыы холобура суох тубуста. В. Протодьяконов Биир сайын үс күн устата бөртөлүөтүнэн таба ыстаадаларын кэрийсибитим И. Федосеев
3 этии #
Нууччалыы Стадо упряжных оленей, упряжное стадо
Көлүүр ыстаадата түөлбэ. – анаан туспа тутуллар, көлүүргэ анаммыт табалар Көлүүр ыстаадата өрүс арҕаа өттүгэр иитиллэр. С. Руфов Уотуу ыстаадата түөлбэ. – туспа тутан иитиллэр, уотууга анаммыт табалар. Θ Нагульные олени, нагульное стадо. Биэс сүүсчэкэ табалаах уотуу ыстаадатын Улахан Күөл аттыгар алта көс эргимтэлээх күрүө иһигэр мэччитиллэр. С. Руфов Саас төрүүр ийэ табалары араартааһын, уотуу ыстаадаларын тэрийии эппиэттээх кэмнэрэ саҕаланаллар. "ЭК"