ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыылаах

даҕааһын

Нууччалыы резкий неприятный, вонючий (о запахе); с неприятным привкусом

1 даҕааһын #

Эмискэ саба биэрэр олус куһаҕан сыттаах; хос амтаннаах

Нууччалыы Резкий неприятный, вонючий (о запахе); с неприятным привкусом

  • Эдэр үүнэр сааһыгар Күлүк Сүөдэр Лухалаах хотоннорун ыылаах салгыныгар буомтуйбута.
    Н. Якутскай
  • Оттуллубут мастара бүтэн, уулара оргуйбата, ол иһин ыылаах сиикэй хаар уутун истилэр
    ХС
  • Ураты (сыт); туох эрэ хос (амтан). Θ Особый, специфический (о запахе); с каким-л. привкусом. Ыраас хаар ыылаах сытын кытта мутукча чэбдик сыта эмиэ чахчы илгийэн биллэр.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Буспут дыняны хайа быспыт курдук ыылаах ыраас сыттаах буолар эбит. Күрүлгэн. Пастернак силис аһа сытыы сыттаах, ыылаах минньигэс амтаннаах
    ЛПМ САЛАК

2 этии #

Ыылаах мас бот. – сымнаҕас хаптаҕай иннэлээх, бөдөҥ туораахтаах бэс бииһэ мас (Саха сирин соҕуруу өттүгэр хайаҕа үүнэр) Уу чуумпу, ыылаах мас лабаалара иһиллэр-иһиллибэттик суугунууллар. "Чолбон". Ыылаах мас Алдан диэки хайаларга үүнэр. АНК ТСТЗС. Сибииргэ харыйа пихтаны (ыылаах маһы) кытта бииргэ хараҥа мутукчалаах тайҕаны үөскэтэр. КВА Б. Ыылаах харыйа бот. – эмискэ саба биэрэр сыттаах, сытыган харыйа. Разновидность ели с резким запахом. Ойуур балаһатын хоту өттүгэр тымныыны ордук тулуйумтуо мастар үүнэллэр: харыйа, бэс, ыылаах харыйа, сыалаах мас (кедр) уо. д. а. КЗА АҮө

Нууччалыы Дерево из семейства сосновых с мягкой плоской хвоёй и большими шишками, разновидность пихты (растёт в гористой местности Южной Якутии)

«Ы» буукуба