ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһыахтан

туохтуур

Нууччалыы швырять, транжирить

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

1. ыһыахтаа I диэнтэн бэй. туһ. Собо өрө мөхсөн, кыырпах таммахтарынан ыһыахтана, көмүс хатырыга кылбачыйа оонньуура үчүгэйин эриэхсит! АИА-А КБ. Биһиги обургулар чомполоннохпутуна, ууну бырдаҥалата ыһыахтаннахпытына, элгээммит тэҥҥэ үөрэр-көтөр курдуга. КАА АСС. Оһох үөлэһинэн төлөнө күөдьүйэн, кыымынан ыһыахтанара. МАП ЧУу

2 туохтуур #

Үбү-аһы ыскайдаа, мээнэ матайдаа

Нууччалыы Швырять, транжирить (деньги). [Матайар Мааса:] Бу хантан харчыланан ыһыахтанныҥ?

  • Миитэрэй Наумов. Кырдьык, сыҥалыы сатыыр, ыһыахтанар харчы кэмчитийдэ
    Чолбон
  • Баһыахтыыр Балбаара дьиэ иһинээҕи дьону барытын мөҕөн-этэн ыһыахтанан кэбистэҕинэ да көҥүлэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити үлүгэрдээҕи истэ-истэ, куһаҕан дьахтар эбитэ буоллар, ыһыахтанан да турдаҕына көҥүлэ.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
  • Кыыс быһыыта-майгыта олуонатык көстөр, солуута суох тылларынан ыһыахтанар.
    ЧКС АК

3 туохтуур #

Быыстала суох, үрүт-үрдүгэр саҥар, кут-сим

Нууччалыы Говорить бодро, много и без остановки о чём-л

  • Элэҥ Аана элэстэнэн киирдэ, оһох иннигэр иттээри мэтэриҥнии-мэтэриҥнии, кэпсээн ыһыахтанна.
    И. Егоров
  • Эйигин көрдөхпүнэ этиэхпин эппэппин, Элэк-хаадьы тылларынан ыһыахтанабын.
    В. Потапова
  • Сорох дьон омуннура-омуннура, күлэн имнэнсэн кээһэ-кээһэ, кэпсээн-ипсээн ыһыахтаналлар. ЧКС ОДьИи. Лиэксийэ ааҕарбар киһи дэбигис өйдөөбөт тиэрминнэринэн мээнэ ыһыахтаныа суохтаахпын
    И. Семёнов

4 туохтуур #

Тугу эмэ тулаҕар тарҕата сырыт (хол., идиэйэни, үөрүүнү)

Нууччалыы Фонтанировать чем-л. (напр., идеями), излучать что-л. (напр., радость)

  • Иван Гоголев оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан хоһоонунан ыһыахтанара. ЧКС ОДьКИи. Кини үөрүүнэн-көтүүнэн ыһыахтана сылдьар киһи этэ
    Чолбон

5 туохтуур #

дьүһ. туохт. суолт

6 туохтуур #

сөбүлээб. Саҥаран-иҥэрэн, туттан-хаптан улаханнык кыыһырбыккын биллэр, сирбиэтэнэн тур

Нууччалыы Шумно, громко выражать свой гнев (словами, жестами)

  • ыһыллаҥнаа 2 диэн курдук. Анарааҥҥыта, иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, тута Айыыдаҕа ыһыахтанан кэлбитэ.
    В. Протодьяконов
  • Ньургуһунум дьэ өй ылан, миэстэтин диэки сүүрэн ыһыахтана турда.
    М. Соров
  • Маша хортуоппуй ыраастаан ыһыахтанна, дьиэ сууйуутугар эмиэ баар буола түстэ. ЧКС ЫаЫЫ

«Ы» буукуба