ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһыахтаа

туохтуур

Нууччалыы рассеивать что-л. жидкое или сыпучее мелкими брызгами вокруг, разбрызгивать, окроплять

I

1 туохтуур #

Туох эмэ убаҕаһы биитэр бытархайы (илиигэр ыла-ыла биитэр тугунан эмэ баһа-баһа) ыһыалаа, тугу эмэ бырдаҥалат

Нууччалыы Рассеивать что-л. жидкое или сыпучее мелкими брызгами вокруг, разбрызгивать, окроплять (руками или черпаком)

  • Кумаҕын тарҕата ыһыахтаата.
  • Аҕабыыт кылаастары кэрийэ сылдьан сибэтиэй уунан ыһыахтаата.
    И. Гоголев
  • Ыһыахха алгыырга кымыһы ыһыахтыыллар уонна иһэллэр. Багдарыын Сүлбэ. Балысхан баалынан ытыллан Баргыйа ыһыахтыы дьалкыллар Күрүлгэн күүгүнүү суугунуур
    А. Абаҕыыныскай

2 туохтуур #

Өрүкүтэ, тарҕата ыспахтаа (хол., кыымынан, сардаҥанан)

Нууччалыы Выбрасывать, раскидывать вокруг, вверх (напр., искры, лучи)

  • Кутаа хаппыт маһы өрө салаан бачыгырайар, төлөнүнэн ыһыахтыыр.
    Н. Заболоцкай
  • Ыкса киэһэ ырбыт, сылайбыт дьон кыымынан ыһыахтыыр үөлэстээх дьиэҕэ тиийбиттэрэ.
    В. Тарабукин
  • Кытаран кыымынан ыһыахтыы сылдьар итии болгуону тимир уһаарар оһохтон тэйиччи төкүнүтэн кэбиһэллэрэ. МАП ЧУу. Чуумпу сырдык сарсыарда Күн толбонун ыһыахтаатын
    Чэчир-68
II

3 туохтуур #

Ыһыахта ыс; ыһыахха сырыт

Нууччалыы Проводить, устаривать ысыах; быть на ысыахе

  • Урукку сайыннарга ыһыахтыыр үрдүк хордоҕойго биир-биир мустан, элбээн испиттэрэ.
    В. Иванов
  • Сарыысса ыһыахтыы да барбыт буоллаҕына көҥүлэ. Лоһуура. Эр дьон бэс ыйыгар уоппускаҕа бараллар, дьиэ-уот тутталлар, ыһыахтыыллар, оттон сайын оттууллар.
    ПИО ТС

«Ы» буукуба