Перевод с якутского
эдьиий
аат тыл
Нууччалыы родная сестра, старшая по возрасту
English aunt
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Бииргэ төрөөбүттэргэ аҕа саастаах кыыс, дьахтар
Нууччалыы Родная сестра, старшая по возрасту
Мин үс убайдаахпын уонна үс эдьиийдээхпин. Амма Аччыгыйа [Атыыһыт Сүөдэр уола Кубаача] эдьиийин булан, Онно олорон үөрэннэ, Ойдо-ойдо самсанна. С. Васильев Тыыннаах аҕаны эмиэ билбэтэх, арай көмөн эрэллэрин чуолкайдык өйдүүр. Аҕыс-сэттэ убайдардаах, эдьиийдэрдээх ХС
2 аат тыл #
Ийэ эбэтэр аҕа бииргэ төрөөбүтэ (кыыс, дьахтар)
Нууччалыы Сестра отца или матери, тётя
Манна ийэбинэн хаан эдьиийим баар. Н. Якутскай Аҕам бииргэ төрөөбүт балтыгар, эдьиийбэр Мааппаҕа хонон иһэбин ХС
3 аат тыл #
Бэйэҕиттэн аҕа саастаах хайа баҕарар дьахтары ытыктаан ыҥырыы
Нууччалыы Уважительное обращение к женщине старшей по возрасту
Эдьиийдэрим, балыстарым, Ааҕааччы атастарыам! Билигин туойар ырыам Эһиэхэҕэ санатыа: Сорох соҕотох убайын, Сорох күндү быраатын, сорох аналлаах атаһын. Баал Хабырыыс Мин ийэм тэҥнээҕэ, эдьиийим, Эн бааргын мин үөрэ истэбин. Эллэй. Марыына Попованы кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ билинэн, Эдьиийбит диэн ытыктаан, таптаан аттаабыттара ыраатта. ӨӨ
4 аат тыл #
Сири-дойдуну (хол., төрөөбүт алааскын, күөлү, үрэҕи) ытыктаан ааттааһын
Нууччалыы Уважительное называние почитаемых мест (напр., родного аласа, озера, реки)
Кэрэчээн эдьиийбит Элиэнэ, Иэдэскэр сардаҥа сандаарбыт, Саханы санньыардан турбутуҥ, Саас үйэ тухары уурайбыт! Эллэй. Саха сирэ сүгүрүйэр Модун Арассыыйаҕа: "Бэлэх биэрдим, – диир кини – Тииҥмин, кыһыл көмүспүн, Эн, дьэ, күндү эдьиийим, Холбоо күүскэр мин күүспүн!" П. Тобуруокап
5 этии #
Нууччалыы Обращение к старшей по возрасту, выражающее особое почтение. [Уолака:] Эдьиийдээтэр эдьиийбин ити иһин таптыыбын ээ, кэм сүрэҕэ чугас
Эдьиийдээтэр эдьиийим үрд. – чугастык саныыр, ытыгылыыр, эрэнэр, күндү киһим диэн аҕа саастаах дьахтарга туһаайан этии
Суорун ОмоллоонИэйинньэҥ-үөрүнньэҥ Эдьиийдээтэр эдьиийбит, Баттаҕыҥ да маҥхайдар, Майгыҥ уларыйбата – Дьоҥҥо үтүөнү оҥорор Дьоһун санааҥ санньыйбата. Р. Баҕатаайыскай [Сусанна Павловна:] Эдьиийдээтэр эдьиийим, мин баар-суох кистэлэҥмин, олоҕум сорун дуу, дьолун дуу эйиэхэ эрэ кэпсээри гынным. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС ечэ, уйг. ача, алт. эдье 'старшая сестра'
6 аат тыл #
, харыс т. Үксүгэр оҕолор ымынах буолан ыалдьар сыстыганнаах ыарыылара
Нууччалыы Детская заразная болезнь, сопровождающаяся сыпью, корь
ииллэр, бу эмээхсин аҕыс уонугар диэри олорбута диэн, сырайа эдьиий сиэбититтэн быдьырҕай эриэн, хараҕа чолбон сулус курдук сытыы, саҥата тимири охсубут курдук хатан. УАЯ А