ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕас

аат тыл

Нууччалыы старшая сестра

English elder sister

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Бииргэ төрөөбүт эбэтэр аймахтыы аҕа саастаах дьахтар, кыыс

Нууччалыы Старшая сестра

  • Эн биһикки биир ийэттэн-аҕаттан айыллан үөскээн төрөөбүппүт этэ: Мин Айыы Умсуур удаҕан диэн эн аҕаһыҥ буолабын. Ньургун Боотур. Омоҕой Баай мааны кыыһа аҕаһыгар күнүүлээн, Эллэй Боотуру ойох ылбата диэн тахсан сүтэн хаалбыт.
    Саха фольк
  • Сурус аҕаһын туора дьонтон көҥүүрүн кэриэтэ, мин Джамиляны дьонтон көҥүүр этим. Ч. Айтматов (тылб.)

2 аат тыл #

Аҕанан, ийэнэн уруу аҕа саастаах дьахтар, кыыс

Нууччалыы Тетя (сестра отца или матери)

  • Биһиги үтүө доҕотторбут, хаан-уруу аймахтарбыт уонна аҕастарбыт!
    Суорун Омоллоон
  • Айгыр-силик лабаалаах Арыы чаллах хатыҥнаах Аҥаат-муҥаат алааска Аччыгыйдыыр эрдэхтэн Арыаллаһан үөскээбит Атас, дьүөгэ аҕастар! Саха ырыаһ

3 аат тыл #

Аҕа саастаах дьахтар (үксүгэр ытыктабыл, үтүө сыһыан дэгэттээх)

Нууччалыы Старшая годами женщина (чаще с оттенком уважения, почитания)

  • Аҕас дьахтар эдэргэ кэпсээн биэрдэ.
    Н. Павлов
  • [Мэник Мэнигийээн - абааһы кыыһыгар:] "Аҕаас, хайдах тиэрэ сытар баҕайытай?" - диэн ыйытар
    Суорун Омоллоон

4 аат тыл #

Былыргы итэҕэлинэн, үөргэ, иччигэ, айыыларга сыһыаннаах дьахтары этэргэ туттуллар (дириҥ ытыктабыл, сүгүрүйүү бэлиэтигэр)

Нууччалыы Обращение в знак особого уважения, преклонения и почитания (обычно к душам покойниц, превратившихся в үөр, богиням, покровительствующим увеличению потомства, см. айыыһыт

  • Кини өлөн баран үөр буолар. Чугас эргиннээҕи нэһилиэктэр, улуустар туой Болугур айыыта, хотуна, аҕаспыт, эдьиийбит - диэн ааттаан ытыктыыллар.
    Саха фольк
  • Эдьээн Иэйэхсит эдьиийбит, Илэ-бодо имэҥирбит эбит, Ахтар айыыһыт аҕаспыт Ала чахчы дьалыннаабыт эбит
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Саамай аҕа, эдьиий, кырдьаҕас (сорох көстүүлэри ытыктаан, тыыннааҕымсытан этэргэ). Θ Старшая, почитаемая (о нек-рых неодушевленных явлениях в знак особого почитания). Аймах-билэ дьонум Абаралларыттан санаабакка Аҕастарым ааккытыгар Алдьанным аҕай ини [хаартыга]. Саха нар. ыр. II. Иитимньилээх ийэ үрэхтэр, Иҥиэттэн иэнигийэн, Халҕаһаланан хатыыланан, Ахсым ууларын Аҕас үрэхтэргэ аҕаллылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)
  • Икки мэндиэмэннээх эргэ мас дьиэ Саха сирин Сэбиэскэй оскуолаларын аҕастара - учуутал оскуолата
    Амма Аччыгыйа

5 этии #

Нууччалыы Старшая родственница по матери

Этиилэр

Аҕас кылын көр кылын

  • Таай аҕас - ийэнэн уруулуу аҕа саастаах дьахтар

«А» буукуба