ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

балыс

аат тыл

Нууччалыы младшая сестра

English younger sister

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Бииргэ төрөөбүттэртэн сааһынан эдэр кыыс (дьахтар)

Нууччалыы Младшая сестра

  • Кэриэспин этэбин эйиэхэ: балтыбын, Айталы Куону, хараххынан кынчарыйар буолаайаҕын, тылгынан мө±өр буолаайаҕын. Ньургун Боотур. Эбэтэ уонна балыстара көрөн-харайан, Сережа аһынан-таҥаһынан атын оҕолортон итэҕэһэ суох улааппыта.
    Н. Лугинов
  • Балта суох киһиэхэ эн балыс буолуо этиҥ, оттон убайа суох киһиэхэ мин убай буолуо этим.
    Т. Сметанин
  • Ср. тюрк. балдыз ‘свояченица’, ‘золовка’

2 аат тыл #

Атыттартан сааһынан эдэр киһи

Нууччалыы Человек, младший по возрасту, моложе кого-л

  • Биир кырдалга үөлээннэһэн үөскээбит түөрт дьонтон саамай балыстара уонна уһун үйэлэммиттэрэ Е. Д. Кулаковскай-Уот Хойостоон.
    Амма Аччыгыйа
  • Устинтан балыс өссө үс оҕо баар.
    Н. Габышев
  • Быыкаа кыыс Маайыс барыларыттан балыс. Хаһан даҕаны атаахтаабат, хаппырыыстаан ытаабат
    П. Дмитриев

3 аат тыл #

Туох эмэ арыый кырата, аччыгыйа (кэриҥинэн, суолтатынан)

Нууччалыы То, что чуть меньше (по величине, значимости)

  • Араас бөдөҥ техниканы уу устун чэпчэкитик аҕалары кини [Улахан Хаана өрүс боруога] боһойдуур. Ол да буоллар хорсун сэбиэскэй дьон кини кыра балтын, кыра Хаананы, кыайан тураллар
    Суорун Омоллоон

4 этии #

Күрүө (күрэ, кыра) балыс - 1) эр киһи кэргэнин балыстара "Чэ кэпсээҥҥин кэпсээ", - диэтэ күтүөт күрэ балтыгар. ЯС I; 2) эр киһи кэргэнин тастыҥ балыстара. Младшие двоюродные сестры жены (по отношению к мужу). Өлөр өстөөҕүн Сургунуох Ньукулай күрэ балта Үчүгэй Өкүлүүн диэн кыыс дьахтары кэпсэппитэ. Күннүк Уурастыырап. Сиэн балыс эргэр. - аҕа быраатын сиэнэ кыыс. Внучка младшего брата отца. Эр киһиэхэ, дьахтарга даҕаны икки өттүттэн уруулара - бары сиэннэр: сиэн бырааттар, сиэн балтылар. “Саха с. ”. Таай балыс эргэр. - ийэ тас балтын кыргыттара. Дочери двоюродной (троюродной) сестры матери

Нууччалыы Младшие сестры жены (по отношению к мужу)

«Б» буукуба