ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эккэлэс

даҕааһын

Нууччалыы заискивающий перед кем-л

Ис хоһооно · 4
I

1 #

эккэлээ диэнтэн холб. туһ. Этиһэллэрэ икки, эккэлэһэллэрэ икки тэҥ эрдээх-ойох баар буолаллар. Болот Боотур. Тыл этээччи тойоттор, кинилэри хартыына курдук арыаллааччы хотуттар уһуннук да эҕэрдэлээн эккэлэспиттэрэ. Огдо

II

2 даҕааһын #

даҕ

  • Кытарбыытап, адьас кыра оҕону албыннаан эрэр курдук, куолаһын уларытан, эккэлэс албын ыт кэриэтэ, кылап-халап туттан мылаарыҥнаата. Софр. Данилов. Үчүгэй да ыт этэ. Эккэлэс, эйэҕэс, соруйары истимтиэ, толоругас, чэнчис.
    П. Аввакумов
  • Артур эккэлэс ыттыы ньылаҥнас киһи
    ХС

3 даҕааһын #

Киһи иннигэр ньыла көтөр, илин-кэлин түһэр, өрүтэ ыстаҥалыыр идэлээх (ыты этэргэ)

Нууччалыы Заискивающий перед кем-л. (о собаке)

4 даҕааһын #

Кимиэхэ эмэ бэрт буола сатыыр, ньылаҥнас

Нууччалыы Лестью и угодничеством добивающийся чьего-л. расположения к себе

  • Ытыктабыл ортотугар турар киһи туох кыһалҕатыгар дьоҥҥо эккэлэс буола сатыаҕай.
    А. Бэрияк
  • Полковник пааматынньыгы суулларан, Дуоһуйбут курдук туттубут-хаптыбыт, Улгум, эккэлэс фоторепортёра Хаартыскаҕа устан чабырҕаппыт.
    ХС
  • Бу эккэлэс киһийдэх кимин билэҕит дуо? Суобаһын сүтэрбит сидьиҥ киһи. С. Курилов (тылб.)

«Э» буукуба