Перевод с якутского
элиэтээ
туохтуур
Нууччалыы держаться в воздухе на неподвижно раскрытых крыльях, парить
1 туохтуур #
Кынаттаргынан сапсыммакка эрэ тэлээрэн эргийэ көтө сырыт
Нууччалыы Держаться в воздухе на неподвижно раскрытых крыльях, парить
Эмискэ моонньоҕон үөрэ кырылаан, Элбэхтик тула элиэтээн, Ыраах, уу ортотугар барылаан түстэ, Ыһыллан кытыы диэки уһунна. С. Васильев [Хотойдор] мэлдьи харгы аттыттан арахпат, наар ол үрдүнэн элиэтиир үгэстээхтэрэ. И. Федосеев Көтөр уруккутун курдук хотоҕойун тыаһаппакка, наллаан тэлээрэ көтөн үүтээни эргийэ элиэтээтэ В. Титов
2 туохтуур #
Кимиэхэ, туохха эмэ ымсыыран, тартаран чугаһыы сатаа, саантаа
Нууччалыы Положив глаз на кого-что-л., подбираться близко, кружить около кого-чего-л. [Долгунуоп:] Хата эн, кинилэри кытта булкуһаргын ордорор буоллаххына, мин оҕобор оччо элиэтээбэтиҥ буоллар үчүгэй буолуо этэ
Эдэрчи киһи курбачыйан киирэн кэлбитигэр, баҕардар, кыыспар элиэтиир, күтүөттүүр баҕалаах буолаарай диэн сэргии саныыр. С. Тумат Маринабытыгар үөһээ кылаас уолаттара үгүстүк “элиэтииллэрэ” Э. Соколов