Перевод с якутского
элэ-была
Нууччалыы утешая или упрашивая кого-л. говорить о наболевшем; изливать душу кому-л
этии
Нууччалыы Утешая или упрашивая кого-л. говорить о наболевшем; изливать душу кому-л
элэ-была тыл көр тыл II. Ийэттэн-аҕаттан айыллыбыт Элэ-была тыллары Ирдээн-тордоон тураммыт, этэн-саҥаран иһиэҕиҥ. А. Софронов Онно кырдьаҕас киһи истиҥ сүрэҕиттэн эппит элэ-была тыллара, алҕаабыт алгыһа өрүү умнуллубаттар. Ф. Софронов Кини диэтэх ынырык, дуолан саҥатыттан кыыс куттаммат буолла, эйэҕэстик, элэ-была тылларынан муҥура суох кэпсэтэллэр. С. Аскаков (тылб)
Этиилэр
Элэ-была тыла баранна көр баран I
Киһим ийэлээх аҕата ситэри үөрэн диэн уолларыттан ааттаһан элэ-была тыллара бараммыт этэ. Софр. Данилов. Кэргэнэ эрэйдээх тулуйа сатаан, элэ-была тыла баранан, арахсыбат. М. Попов Сарсыарда элэ-была тылым бараммытын кэннэ, оҕонньорум дьэ тоҥхох гынна. М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (3)
Элэ-была тылгын эт - өйдөтө, ылыннара сатаан, бааргынан-суоххунан ааттас, көрдөс, эрэннэр Онон, барыбыт туһугар, муҥ саатар, бэйэҥ уонна аймахтарыҥ тустарыгар арыгыгын бырах, эмтэт диэн элэ-была тылбын этэн тураммын, эйигиттэн истиҥник көрдөһөбүн. Р. Баҕатаайыскай Этээччилэр үксүлэрэ ис санааларын, урут хаһан да кимиэхэ даҕаны эппэтэх элэ-была тылларын кистээбэккэ-баттаабакка: урукку курдук кимтэн да куттаммакка аһаҕастык эттилэр. А. Бэрияк [Лоокуут] Ньургуһуҥҥа тапталын аһар, элэ-была тылын этэр. КНЗ ТС