ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элэмэс

даҕааһын

Нууччалыы пегий

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Бэйэтэ, уу-дьоруо элэмэс атын үрдүгэр түһэн, кыараҕас суол устун тэптэрэ турда.
    А. Фёдоров
  • Быйыл саҥа төрүүр элэмэс туҥуй биэ улаханнык ыарыыламмыт. ПДН БС. Хара, элэмэс, маҥан табалар лабыкта көрдөөн хаары хаһаллар. Тэки Одулок (тылб.)

2 даҕааһын #

Бөдөҥ маҥан ойуулардаах, эриэн дьүһүннээх (сылгыга, табаҕа туттуллар)

Нууччалыы Пегий (о масти оленей, лошадей)

3 даҕааһын #

Эриэн, эбир дьүһүннээх, өҥнөөх (сүөһү, кыыл-сүөл туһунан)

Нууччалыы Пятнистый, пёстрый (о рогатом скоте, зверье). [Кыыс оҕо кэлбитин] Элэмэс тириигэ Эрийэ тутан, Эриэн ситиинэн Эргитэ баайан

  • Талахтар быыстарынан саҥа түүлээн эрэр элэмэс куобахтар элэҥнэһэллэрэ.
    Далан
  • Ол курдук кини биир кумалаантан кутуругар хоболоох, маҥаас сирэйдээх, элэмэс дьүһүннээх тииҥи өлөрбүтэ
    ДьДьДь

4 этии #

Нууччалыы Чало-пегая (о масти лошади)

Этиилэр

Буулур элэмэс

сылгы өҥүн арааһа: ойоҕосторо маҥан эбэтэр курдуу маҥан, атына кытархай өҥнөөх Кугас элэмэс көр кугас.

  • Бөлөнүүскэй уола Сындыыс диэн кугас элэмэс сүүрүк аттааҕа үһү.
    Н. Павлов

Күөх элэмэс көр күөх I

  • Кэрэх куочайын күөх элэмэс сылгы биллэҕэ түһэн баран икки ойоҕоһун хабыаланан эрэр эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • [Өлөксөй] эҥээргэ бүгэн аһыы турар, арҕаһа баастаах, сүр чычаас, күөх элэмэс аты тутаары: “Ыы, барахсан, тохтоо, ситигирдик, ту-ур,” – дии-дии, сэмээр лэппэрдээн чугаһаата.
    П. Аввакумов

Кыталык элэмэс көр кыталык

  • Сотору күлэрин тохтотон, кутуран куллуһутта: “Туора туоһахталаах кыталык элэмэс кытыт биэни сэттэ идимэрдээх иирэр табык быатынан иҥнэри тэһииннээн, быһа кыбыйдарбын, оҕолоор!”
    Күннүк Уурастыырап
  • Кэрэххэ туттуллар сылгы кыталык элэмэс, чаҥкырыыт сиэллээх, кутуруктаах, чаккырыас харахтаах, далан араҕас эбэтэр кыыс кэрэ буолуохтааҕа.
    ПИС СТС

Сур элэмэс

хара ардайдаах сиэллээх-кутуруктаах күрэҥниҥи эриэн (сылгы дьүһүнэ).

Мышасто-пегая (о масти лошади).

Хара элэмэс

хара түүлээх буолан баран, ханан эрэ улахан ойуулаах (сылгы дьүһүнэ).

Вороно-пегая (о масти лошади).

  • [Саллааттар] хара элэмэс аты бадьара дьоруонан түһэрэн иһэр салгын харааччы сиэбит сирэйдээх, бытыктаах киһини бары эндэппэккэ биллилэр.
    П. Филиппов
  • Инникитэ чоккуруос харахтаах хара элэмэс акка нүксүччү олорбут кыра хатыҥыр оҕонньор өҥө суох килэгир харахтарынан икки өттүн чинчилиирдии көрүтэлээн иһэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. чув. оламас ‘полосатый’, ДТС ала киши ‘человек, страдающий болезнью витилиго’

«Э» буукуба