ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы носиться, двигаться, сновать туда-сюда

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Түргэнник төттөрү-таары бар-кэл, элэгэлдьий

Нууччалыы Носиться, двигаться, сновать туда-сюда

  • Били нуучча кыыһа антах өттүнэн көстөн ааһар, оҕолордуун элэҥниир, куукунаҕа киирэр-тахсар.
    У. Нуолур
  • Томторуктаах, өрүөлээх ньирэйдэр туора-маары ойуоккалаһаллара, ынахтара ыҥырана-ыҥырана сырсан хороҕолдьуһаллара биир кэм элэҥнээн олорор буолааччы.
    П. Аввакумов
  • [Эмээхсин] кыыһын дьиэ үлэтигэр бөрүкү сыһыарбат, бэйэтэ эргиччи элэҥниирин сөбүлүүр, сууйан-сотон, ыраастаан тахсар
    И. Никифоров

2 туохтуур #

Түргэнник хамсанан, (хараххар) сүтэ-сүтэ көстөн кэл, баар буола-буола суох буолан хаал

Нууччалыы Появляясь, исчезать, мелькать (перед глазами)

  • Эрбии эмиэ элэҥнээн Иэйэ-туойа килбэҥнээтэ.
    С. Васильев
  • Уолчаан ымсыылаахтык аһаан, күөрчэхтээх лэппиэскэҕэ ньуоската сотору-сотору элэҥнээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Кыһыл былааттаах, күөх ырбаахылаах Даарыйа хара бараан илиитэ элэҥниир, муҥха хотоҕосторо ууга дагдаҥнаһаллар, тимирэ-тимирэ күөрэйэллэр. Тулхадыйбат д

3 туохтуур #

Туох эмэ быыһынан элээрэн аас (туох эмэ нэһиилэ көстөр омоонун, торумун этэргэ)

Нууччалыы Мелькать, проноситься между какими-л. предметами слабой тенью (о нечётком силуэте кого-л.)

  • Оҕонньор, имигэс баҕайытык туран ойуур түгэҕин диэки хаамта, мас быыһынан элэҥнээн сүтэн хаалла.
    И. Гоголев
  • Соня тымныы тумарыгын бүрүнэн, омооно эрэ көстөн, элэҥнээн иһэрэ.
    М. Доҕордуурап
  • Мастар быыстарынан сараадыйан түспүт ый сырдыгар оҕонньор күлүгэ сүтэ-сүтэ элэҥнээн эрэрин уол көрө хаалла
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (3)
  • Туох эмэ (хол., тыа, былыт) быыһынан кылаҥнаа, дьиримнээ (хол., күн уотун туһунан). Θ Прерывисто светить, мерцать сквозь деревья, тучи (напр., о солнечном луче). Ый былыт быыһынан элэҥнээн, Мэлийэ-мэлийэ, күөрэйдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сатыы ойууру быыһынан Сандаарыччы элэҥнээн Сарсыардааҥҥы унаар күн Саҥа тахсан чаҕылыйда.
    С. Васильев
  • Көмнөҕү бүрүммүт хойуу лабаа быыһынан күн хам-хаадьаа элэҥнээн ааһар
    Сэмээр Баһылай

4 туохтуур #

Түргэн-түргэнник солбуллан ис (хол., бииртэн биир хартыына; санаа туһунан)

Нууччалыы Проноситься, быстро сменяя друг друга (напр., о воспоминаниях)

  • Ааспыт араас хартыыналар кини өйүгэр тиһик-тиһик элэҥнээн бардылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини иннигэр төрөөбүт Сахатын сирин эгэлгэ кэрэ хартыыналара элэҥнээн ааспыттара.
    П. Филиппов
  • Кэрэмэс [киһи аата] кырдьаҕас төбөтүгэр, оо, араас санаа элэҥниир
    Миитэрэй Наумов
Өссө холобурдар (3)
  • Биллибэккэ ааһа оҕус (күн-дьыл, кэм-кэрдии туһунан). Θ Пронестись, пройти незаметно (о времени, прожитых годах). Онтон ылата элбэх сыллар Элэҥнии устан аастылар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ити курдук сөкүүндэ Сүүрэн-көтөн элэҥниир, Сүрэх хаанын сүүрүгэ Сүүрүгүрэр кинилиин.
    П. Тобуруокап
  • Этэҥҥэ буоллахха, күн-дьыл элэҥнээн ааһара түргэнэ сүрдээх. Айысхаана. Ср. хак. иленъне ‘шататься, качаться из стороны в сторону; мелькать’, кирг. элеҥде ‘озираться; опасливо осматриваться, быстро вращая головой; суетиться’

«Э» буукуба