ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эммэний

Нууччалыы выбиться из сил, сильно устать

Сылай, мөлтөө, күүскүн-сэниэҕин сүтэр, солбонуй

Нууччалыы Выбиться из сил, сильно устать

  • көр эймэний. Күндүл күөх көхсүгэр Көтөр кынаттаах Көччүйэн үөскээбит, Ийэ киэлитигэр Көмүс хатырыктаах Эгэлгэ балыга Эммэнийэ элбээбит.
    С. Зверев
  • Эриэккэс Днепр үрдүнэн саха этигэн хомуһун алыптаах дорҕоонноро эммэнийэ тарҕыыллар. М. Ефимов
  • Ханнык даа киһи, Хатыҥ сэбирдэҕин курдук, Хагдарыйар хааннаах, Эргэрбит мас курдук, Эмэхсийэр эттээх, Эммэнийэр бэйэлээх эбит.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Эн оҕоҥ сүрэҕэ атын уонна ити соругу эрэ, кииринэн хаалбычча толорон, таптыыр кыыһын аҕатын кулаах оҥортордо. Онно эдэр киһи сүрэҕэ ыалдьыбат, этэ-хаана эммэнийбэт бэйэлээх буолуо дуу?
    А. Сыромятникова

«Э» буукуба