Перевод с якутского
эмньик
даҕааһын
Нууччалыы отпущенный с маткой детёныш, без ограничений сосущий её, сосунок
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Эн миэхэ өрбүт Итии чэйгинэн Итии киллэриниэм, Эмньик тугут этин сиэм, иэхэйикпиэн! Л. Попов Биэ, эмньик убаһаттан араҕыста да, уойбутунан барар. ПДН БС. Эмньик ньирэй сотору төлөһүйэн кыстыкка үчүгэй туруктаах үктэнэр, элбэх эти биэрэр. НД ДК
2 даҕааһын #
Босхо, көҥүлүнэн ийэтин эмэ сылдьан торолуйбут
Нууччалыы Отпущенный с маткой детёныш, без ограничений сосущий её, сосунок
3 даҕааһын #
Сайын устата көҥүл сылдьыбыт, байтаһын (төрөөбөтөх биэ, сүөһү туһунан)
Нууччалыы Нагулявший жир за лето (о нагульной кобыле, скоте)
Кулуба хас да сыл курулаппыт уон сэттэ бууттаах оҕуһун өлөрдүлэр, үс эмньик сылгыны тиэрэ көттүлэр. И. Гоголев Иэҕии хатыҥ сыарҕалаах, Эмньик тураҕас аттаах Тоһугураан оҕонньор Тоҥуу хаары Тоҕо тыырдаран иһэр С. Васильев
4 даҕааһын #
үрд. Имигэс, тыҥ, чэгиэн, быһый (эдэр киһи этин-сиинин, иҥиирин, күүһүн этэргэ)
Нууччалыы Гибкий, упругий, налитой (о плотном, сильном молодом теле)
Кинийдэх диэтэх киһи, Кирдигэ даҕаны, Эллэммэт эмньик иҥиирдээх, Сылайбат тыйыс сындааһыннаах, Көҕүрээбэт күтүр күүстээх киһи буолан биэрдэ. Күннүк Уурастыырап Эдэр булчут дьэргэйэн, Эмньик быһый атаҕа Сири билбэт буола үөрэн Сүүрэн тэйэ истэ. Т. Сметанин Даайыс манна сүүрбэччэ саастаах эмньик эттээх эдэр кыыс оҕо сүктэн кээлтэ Н. Заболоцкай
5 этии #
Нууччалыы Наполненный озорством и приключениями, увлекательный, беззаботный период жизни
Эмньик кулун саас үрд. – мэник-тэник, оонньуур-көрүлүүр, кыһалҕата суох кэм (үксүн поэз. тут-лар) Саныыра буолуоҕа – эмньик кулун эдэр сааһын эбэтэр тоҥуй тапталын. С. Федотов Эмньик кулун сааһыгар бырах барбыт Ньукуу уолчаан, бокуйа кырдьыбыт оҕонньор буолан, дойдутун быйыл эрэ булла. ХС Эмньик сүрэх үрд. – уйан, уйаҕас, дьон кыһалҕатын чугастык ылынар, чараас сүрэх. Θ Чуткое, нежное, отзывчивое сердце. [Саллаат] Көрөр хараҕа уоттанна, Көөнньөр хаана уоһуйда, Эмньик сүрэҕэ Эрэллээхтик тэптэ. Саха нар. ыр. III. Эдэр киһи эмньик сүрэҕэ кыыс ырыатын хоту аймана сайыста, соҕотох буолбат оҥоһуулааҕын манна өйдөөтө. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Ср. алт. эмтик, хак. имник ‘дикий, необъезженный’, бур. эмниг морин ‘необъезженная лошадь’