ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмэх

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сгнившее, гнилое трухлявое дерево; сыпучая сухая масса такого дерева, труха

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сытыйан, бытарыйа сылдьар буолбут мас; оннук мас көөбүлэ

Нууччалыы Сгнившее, гнилое трухлявое дерево; сыпучая сухая масса такого дерева, труха

  • Тоҥмут киһини Уһун Бачыык сүбэтинэн илии-атах тиийэринэн бары саба түһэн ньылбы сыгынньахтаабыттара уонна кураанах эмэҕи ытыһан ыла-ыла, этин-сиинин имэрийэн итиэрбиттэрэ.
    С. Тумат
  • Дьэллик ардахха сытыйбыт эмэҕи уокка бырахпытыгар үрүҥ күл, кыһыл кыым өрө ыһыахтанна.
    И. Никифоров
  • Ону таһынан таба, тайах тириитин имитэн сарыы оҥороллоругар, таҥастыылларыгар хатыҥ эмэҕин тутталлара биллэр. АЭ ТЫС. Эмэхтэн хайа охсон аҕалан, кырдьаҕаска биэрдилэр. Ону ылаат, олоро түстэ да, кыыс оҕо уонна сылгы эмэгэтин оҥорон кэбистэ
    ИСА
Өссө холобурдар (3)
  • Эмэх сыгынахтарга, төҥүргэстэргэ түөрт сиргэ уот анньар.
    Суорун Омоллоон
  • Тыал -- биир лаппа суон эмэх тиити силистэри-мутуктары түөрэ сүргэйэн түһэрэр.
    С. Маисов
  • Уот иҥэр кутталлаах дөбдүргэн, хаппыт туорпа, кураанах былыык, хатыҥ мас олохтоох, эбэтэр эмэх мастаах ойуурдаах сирдэри өртүүрү туттунуллуохтаах.
    ПАЕ ОС

2 даҕааһын #

Сытыйан кэбирээбит, бытарыйа сылдьар буолбут

Нууччалыы Гнилой, рассыпающийся от гнили, трухлявый

3 аат тыл #

Кырдьыбыт, кырдьан туһалыырын ааспыт (киһи)

Нууччалыы Старый, дряхлый (человек)

  • Манна тоҕус уоннарын туолан токуйа кырдьыбыт эмэх эмээхситтэр эрэ бааллар!
    Н. Якутскай
  • Олох эмэх буолбут эмээхситтэри кытта сэриилэһээри эйигин саллаат оҥостубут эбиттэр дии.
    И. Гоголев
  • Эмэх бэйэм Эдэрим эргиллэн, Ынчык оннугар Ырыа ыллыыбын.
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
  • Ээх, инньэ диэ, эйигин эмэх эмээхсини кытта сэлэһэ олоруо үһү.
    ЛМ А

4 этии #

Суулуу туппут сууҥ киһи, эрийэ туппут эмэх киһи – айылҕаттан дьахтары кытта сылдьыһар кыаҕа суох киһи Эмэх маһы эргитэ тарпыкка дылы – оннооҕор туһа тахсыбат буолбут кырдьаҕастан туһаныан баҕарар. Θ соотв. с паршивой овцы хоть шерсти клок (букв. подобно тому, как повернуть гнилой валежник [с целью использовать его]).

Нууччалыы Человек, по природе не способный к половому акту (букв. человек, как свёрнутая шерсть, человек, как завёрнутая гнилушка)

Этиилэр

Эмэх уҥуохтаабыт, этирик түөстээбит

кими эмэ наһаа баттаан, көлөһүннээн ыарыһах оҥорбут.

Довести кого-л. до болезненного истощения (напр., жестоким обращением – букв. сделавший чьи-л. кости гнилыми, груди – ребристой доской [т. е. выступающими от худобы рёбрами]). Ср. монг.

  • өмх ʽгнилой, трухлявый, обветшалыйʼ

«Э» буукуба