ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эмэхсий

туохтуур

Нууччалыы от большого возраста или неблагоприятных условий содержания начинать загнивать, трухляветь

1 туохтуур #

Наһаа өр кэм устата үүнэн эбэтэр сөптөөх усулуобуйата суох буолан кэбирээн бар, бытарыйа, тохто сылдьар буолан бар (мас үүнээйилэр тустарынан)

Нууччалыы От большого возраста или неблагоприятных условий содержания начинать загнивать, трухляветь (о древесных растениях)

  • Сорох лабааларыҥ хатан, сыл-хонук обургу харысхала суох эмэн, киил бэйэҥ эмэхсийэн эрдэҕиҥ.
    Г. Угаров
  • Кинилэр уонча буолан "Дружба" эрбиинэн үөл эттээх мастары быһыта эрбэтэлээн, хатырыгы суллуу суоран, хотон эргэ эмэхсийбит эркиннэрин уларыталлар.
    ХС
  • Харыйа икки сүүс сааһыгар диэри үүнэр кыахтаах, ол гынан баран үксүгэр алта уон-сэттэ уон сааһыгар эмэхсийээччи
    МАА ССКОЭҮү

2 туохтуур #

Кырдьан, мөлтөө, аһааҕыр

Нууччалыы Стареть, недомогать, дряхлеть

  • Буорайбыккын, кырдьаҕаас. Сааһыҥ таайбыт быһыылаах. Этиҥ-хааныҥ алыс эмэхсийбит.
    Суорун Омоллоон
  • Эт киһи элэйдим, сыа киһи сылайдым. Чэгиэн, чиргэл бэйэм эмэхсийдим.
    Н. Лугинов
  • Бу аламай маҥан күн анныгар аал уоту оттубакка, алаһа дьиэни тэриммэккэ, кырыллыбытынан кыыс оҕо сылдьан, кырдьан эмэхсийэн, иинэн-хатан, төннөн эрэр сордоох арай мин баарбын
    Пьесалар-1987

3 туохтуур #

эн, бары өттүнэн сытыйан, үрэллэн бар (уопсастыба, өй-санаа туһунан)

Нууччалыы Разлагаться, приходить в упадок, разваливаться (напр., об общественном устройстве)

  • Оттон кэнники – буржуазия култуурата эмэхсийэн, өлөн эрэр бириэмэтигэр – футуризм пуормата үөскээбитэ.
    П. Ойуунускай
  • Эрэнэбин, Азия атаҕар турдаҕына, эмэхсийбит хапытаал хоолдьуга үс бүк барыаҕа
    Суорун Омоллоон

«Э» буукуба