ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрбэй

туохтуур

Нууччалыы быть коротко подстриженным

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Улахан уҥуохтаах киһи эрбэйбит баттахтаах кыыс оҕону күөрэччи көтөҕөн ылан иэдэһиттэн убураата.
    Амма Аччыгыйа
  • Эрбэйбит баттахтаах, чуочайбыт саппыйаан этэрбэстээх кыыс бу этэ дуо?
    А. Фёдоров
  • Татыйаас быйыл сэттэтэ. Кугас баттаҕа эрбэйэн, эн иннигэр турдаҕына, хата киһиттэн итэҕэс санаабаккын
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

Кылгастык, лэппэччи кырылын (кыракый кыыс баттаҕын туһунан)

Нууччалыы Быть коротко подстриженным (как “под горшок” – обычно у маленьких девочек)

3 туохтуур #

Кылгастык быган үүн (кыра от-мас туһунан)

Нууччалыы Прорастая, едва выбиваться из-под земли, едва выступать над землёй (о низкорослом растении)

  • Харах ыларынан ханан да от-мас эрбэйбэт.
    Н. Кондаков
  • Ыраахтан төрүттээх Айанньыт да буолларгын, Уйадытаҕын – Ыарҕалаах талах Ортотугар Эрбэйэн турар Эргэ титирик Оҕотугар.
    В. Потапова
  • Ср. кирг. эрбей ʽстать заметным глазу (о чём-л. маленьком)’, бур. эрбии ʽслабый; худой, тощий’

«Э» буукуба