ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрдий

туохтуур

Нууччалыы становиться смелым, решительным, мужественным

1 туохтуур #

Күүстээх, хорсун санаалан

Нууччалыы Становиться смелым, решительным, мужественным

  • Бакамда сиэнэ Даҕанча сырыыны сырыттаҕын аайы уу ньуулдьаҕай бэйэтэ эрдийэн, буһан-хатан испитэ.
    Далан
  • Үлэ буолар – киһи уһаарыллар оскуолата, хатарыллар кыһата, эриллэр, эрдийэр туоната.
    В. Протодьяконов
  • Дойдум, дьонум көҥүллэрин көмүскэһиэм диэн күүстээх санаа киирэрэ, эрдийэрим
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (3)
  • ан эмэ эр ылан, санааҥ күүһүр. Θ Набраться смелости, стать более решительным, осмелеть. Ыттар иччилэрэ иһэрин көрөөт эрдийэн, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тайах арҕаһыгар, быттыгар түс да түс буолтара.
    В. Яковлев
  • Валя симик куолаһа чөллөрүйэн, килбик сирэйэ-хараҕа сырдаан кэлэр, толлугас бэйэтэ эрдийэр.
    Г. Нынныров
  • Ситиһиилэннэхтэрин аайы эрдийэн, эбии ордук үчүгэйдик үлэлииллэрэ
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Санааҕын бөҕөргөт; тулуурдаах буол

Нууччалыы Собрать всю волю; стать сильнее, мужественнее

  • "Ытаама, доҕоччуок, эрдий, тугу да гыныахтара суоҕаһ, – Александр долгуйан Машаны уураан ылла.
    М. Доҕордуурап
  • Ийэм эмээхсин: "Тулуй, тукаам, эрдийһ, – диир саҥата бэрт ыраахтан иһиллэр
    ХС

«Э» буукуба