ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрчимир

туохтуур

Нууччалыы стать более энергичным, решительным

туохтуур

Улам күүһүрэн-уоҕуран, ордук тэтимнээх буолан ис (хол., санаа көтөҕүллүүтүттэн, үөрүүттэн)

Нууччалыы Стать более энергичным, решительным (о ком-л.)

  • Кини [Тогойкин] хамнанара өссө ордук имигэстийдэ, хаамара эрчимирдэ
    Амма Аччыгыйа
  • Ордук күүһүрэн, силлиэрэн ис. Θ Усиливаться, нарастать (о природных явлениях, напр., ветре). Тыа баһа суугунаан, тыал сирилэс тыаһа улам эрчимирэн истэ
    Н. Лугинов
  • Хонук сиригэр чугаһаан түргэтээ (көлө айанын этэргэ). Θ Ускорять, убыстрять свой ход (упряжный скот при приближении места отдыха). Аппыт хонук сиригэр чугаһаан, туйахтарын тыаһа эрчимирэн биир кэм хобургуур
    С. Маисов

«Э» буукуба