ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эридьиэс

аат тыл

Нууччалыы опись, письменный перечень чего-л. (напр. денежного потока), реестр

I

1 аат тыл #

, эргэр. Туох эмэ (хол., үп-ас) кэлиитин-барыытын сурукка тиһэн, бэлиэтэнэн иһии

Нууччалыы Опись, письменный перечень чего-л. (напр. денежного потока), реестр

  • "Манна араас дьыалатын, эридьиэһин барытын хаалаан сырыттаҕаһ, – дии санаата оҕонньор.
    Д. Таас
  • Нойоон, ыл, суоту уонна эридьиэс кинигэтин аҕал эрэ. Ойуку. Нооһой [киһи аата] Куоҕастаах биир кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, атыы-тутуу суругун, эридьиэһин тулуппат буолар
    Улдьаа Харалы
II

2 аат тыл #

Туох эмэ ол-бу эгэлгэтэ, арааһа

Нууччалыы Разнообразие, разнородность чего-л

  • Этэр тыл дэгэтэ, эридьиэһэ бэрт элбэх быһыылаах.
    П. Аввакумов
  • Мин баҕам туох да эридьиэһэ суох, ураҕас курдук көнө.
    П. Степанов
  • Олоҕу олоруу судургу, хонууну туорааһын буолбатах, эриэнэ, эридьиэһэ элбэх. Лоһуура. Дьахтар санаата уустугун, эргитэр эйгэтин эридьиэһин ким толору таайбыта баарай
    Чолбон

«Э» буукуба