ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эриллэҕэс

даҕааһын

Нууччалыы скрученный, витой, извилистый

1 даҕааһын #

даҕ

  • Уол эриллэҕэс да эриллэҕэс хоп-хойуу куудара баттахтаах. Софр. Данилов. Киппэ түөһүн, модун моонньун эриллэҕэс былчыҥнара күүрэн, хамнаатаҕын аайы күлтэриҥнэһэллэр.
    Н. Лугинов
  • Оптуобустар эриллэҕэс суол устун бэрт түргэнник субуруһаллар. ТГП ЕЭА. Воропаев ол-бу эриллэҕэс оһуордары ойуулуу олорор болокунуотун саба оҕуста. ПП Дь

2 даҕааһын #

Көнө буолбатах, эрийэ барбыт; эриллэн тахсыбыт

Нууччалыы Скрученный, витой, извилистый

3 даҕааһын #

Төттөрүтүн оҥоро сатыыр, хадаар (хол., майгы)

Нууччалыы Упрямый, ершистый, непослушный (напр., о характере)

  • Истээхэп эппитин энчирэппэт, эриллэҕэс майгылаах, хайаан да моһуоктаһан тэйэрэ буолуо.
    П. Аввакумов
  • Ньыппа Ылдьааҕа маарынныыр, күүстээх көрүҥнээх да, майгыта атын, эриллэҕэс
    А. Сыромятникова

«Э» буукуба