ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эстиэтикэ

аат тыл

Нууччалыы философское учение о сущности и формах прекрасного, эстетика

1 аат тыл #

Олоххо, айылҕаҕа туох баар кэрэ туһунан уонна ол кэрэ ускуустубаҕа хайдах көстөр сокуоннарын туһунан наука, үөрэх

Нууччалыы Философское учение о сущности и формах прекрасного, эстетика

  • Сайдыылаах киһи уус-уран литератураны, муусуканы, ойуулуур ускуустубаны билэр уонна таптыыр, кэрэни кэрэхсиир нарын сүрэхтээх, ол аата эстиэтикэ өттүнэн эмиэ сайдыбыт киһи буолуохтаах. МАЕ УОРОС. Н. Е. Мординов бу этиилэрэ -- эстиэтикэ ситиһиилэрин бырапагандалыырга – улахан суолталаах этилэр
    СГС ЛКСБ

2 аат тыл #

Туох эмэ уус-урана, кэрэтэ

Нууччалыы Красота, художественность чего-л

  • Тыл кэрэ эстиэтикэтин өйдөтөр аналлаах үлэлэри тэрийэн, төрөөбүт тылга уонна кинини айбыт норуокка ытыктабылы, тапталы үөскэтэр сорук турар. ФГГ СТМЛ. Эт-хаан уонна эстиэтикэ өттүнэн иитэр туһугар оскуолаларга уонна оскуола тас өттүнээҕи учреждениеларга барыларыгар гимнастическай саалалар, спортивнай городуоктар тутуллуохтара.
    ПНЕ СТ

«Э» буукуба