ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

этилин

этии

  • эт I диэнтэн атын. туһ. [Нүһэр Дархан:] Ытык сиргэ ытык тыл этиллэр, Ытык санаа үөскүүр.
    И. Гоголев
  • Уолҕамчы быһыыга этиллиэ да суох этиллэр, оҥоһуллуо да суох оҥоһуллар. Идэлги. Маны таһынан сөпкө этиллибит тыллар киһиэхэ эмиэ күүскэ дьайыахтарын сөп. В. Кондаков

Этиилэр

Ииҥҥэ этиллибит көр иин II

  • Ама билигин [Манчаары] Эттээх хаана ииҥҥэ этиллибитин иһин, кини Сылдьыбыт сыналҕаннаах сырыыта, кини Саҥарбыт сайаҕас саҥата -- кэнэҕэски Кэнчээри ыччакка кэрэхсэтиэ, саҥа Үөскүүр салааҕа санатыа.
    А. Софронов

Кырамаҥҥа тур (этилин) көр кыраман II

  • Соҕуруу сордоох суоду маҕан халлаан Соххор холорук кунуһун аннынан, Дьэллигирэр өлүү тыыннаах, Дьэбидийэр өлүү салгыннаах, Кырамаҥҥа этиллибит [аартык устун көттүлэр].
    П. Ойуунускай
  • Кырыыска турбут, Кырамаҥҥа этиллибит Кыыс Туйгун бухатыыр обургу -- Кэп туойуллан Түһэн иһэн ыллаабыт. Күннүк Уурастыырап

«Э» буукуба