ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҥсилин

туохтуур

Нууччалыы громко плескаться, биться, ударяться о что-л. (напр., о волнах); с большой силой и шумом протекать, впадать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Күүскэ охсулун, тыастаахтык дьалкылын (уу балкыырын туһунан); дибилийэ тыастаахтык уһун, сүүрүгүр (үрэх, өрүс туһунан)

Нууччалыы Громко плескаться, биться, ударяться о что-л. (напр., о волнах); с большой силой и шумом протекать, впадать (о речке, реке)

  • Эппэҥниир, түллэҥниир, мэҥийэр байҕалым Эҥсиллэр, дьалкыллар балаһа бааллара Орулаан, барылаан, күрүлээн кэлэннэр, Очуоска иҥнэннэр, кэтиллэ түстүлэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Элиэнэ эбэм Иирэтин саба, Үрдүнэн охсо Эҥсиллэн киирдэ. Эллэй. Эппэҥнии, аҕылыы сытар Эҥсиллэр хотун муора Балысхан баалын мунньар Балкыыра тосту-туора.
    А. Бродников
  • Кыыс Амма эҥсиллэн, эҥээттэн кутулунна Алдан эбэҕэ
    ХС

2 туохтуур #

Ыраахха диэри уһуннук дуораһыйан, бара тур (хол., ырыа)

Нууччалыы Разноситься, раздаваться, звучать громко и раскатисто (напр., о песне)

  • Дагдаҕар Баатырдаах Чогдоон Бөҕө хаһыылара, көҥдөй маһы охсон көбүргэтэллэрэ тыа баһынан эҥсиллэн ырааттар-ыраатан киирэн бара турбута.
    Далан
  • [Тася] уол оҕолуу күүстээх куолаһа, чуумпу тыа салгынын тоҕо силэйэн өссө улаатан, ыраах эҥсиллэ турда.
    Л. Попов
  • "Ураа!" хаһыы модун дорҕооно -- Өлүөнэ эбэм эҥээрийэр киэҥ хочотун үрдүнэн эҥсиллэ дуораһыйда
    В. Протодьяконов

3 туохтуур #

Киһи хараҕа ыларынан ыраахха диэри тэнийэн, нэлэһийэн бара тур (киэҥ нэлэмэн сир туһунан)

Нууччалыы Простираться вдаль и вширь, стелиться насколько хватает глаз (о широкой долине, безлесном пространстве)

  • Кыыс Хотун киэҥ Кыталыктааҕын кэриччи көрүтэлиир. Ырыых-ыраах эҥсиллэн, тумарыктыйан барара үчүгэйэ бэрт.
    А. Сыромятникова
  • Туундара, туундара, Мин тулам тумара, Эргиччи маҥан хаар, Эҥсиллэр киэҥ куйаар.
    И. Федосеев
  • [ССРС] хотугу диэки өттүгэр Хотугу муустаах муора эҥээригэр -- уорааннаах салгыннаах туундара балаһата эҥсиллэн барар
    БИД

4 туохтуур #

Ырааҕынан тэлэһийэн сырыт

Нууччалыы Скитаться, бродить, странствовать по земле, дальним странам

  • Онон-манан эҥсиллэн сылдьар. ЯРС. Дьэ, уол оҕото! Саас Аммаҕа баара, билигин куоракка эҥсиллэн кэлбит
    Күрүлгэн

«Э» буукуба