ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эҥис

туохтуур

Нууччалыы с шумом плескаться, ударяться, биться (напр., о берег); с большой силой и шумом течь, катиться, двигаться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Күүскэ охсулун (хол., биэрэккэ), тыастаахтык дьалкылын (уу балкыырын туһунан); дибилийэ тыастаахтык уһун (хол., үрэх, өрүс)

Нууччалыы С шумом плескаться, ударяться, биться (напр., о берег); с большой силой и шумом течь, катиться, двигаться (напр., река)

  • Элиэнэ хатын Эбэтигэр киирэн, Элбэх уутун Эҥсибитинэн барда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Түһэн ааспыт самыыр сыта Саба биэрдэ сүрэхпэр, Тааһы эҥсэр муора тыаһа Намтаан хаалла биэрэккэ. Күннүк Уураастыырап. Оо, албан ааттаах Бүлүү, Олус да кэрэҕин, Көрдүм көҥүл күрүлүүр Көмүөлүҥ эҥсэрин
    А. Бродников
  • Сүүрүгүрэн, дьалкыйан, бааллыран сайҕаа, суурай, алдьат (хол., уу – биэрэги). Θ Смывать волной, разрушать течением, размывать, подмывать. Сыыр тэллэҕин сүүрүк эҥсэн кэбиспит. СГФ СКТ. Муора эҥсэр биэрэгэр Ый барык киэһэ уоттарын Ыйдаҥардар сиригэр, --Онно, аптаах дьахтар, таптаан Талисманы биэрбитэ. А. Пушкин (тылб.)

2 туохтуур #

Ыраахха диэри дорҕоонноохтук дуораһый (хол., ырыаны этэргэ); күүрэ-күүрэ дохсуннук сатараа, ньириһий (хол., этиҥи этэргэ)

Нууччалыы Разноситься громко, звучно (напр., о песне); грохотать раскатисто, издавать гулкий звук (напр., о громе)

  • Ырыам, салгыҥҥа көрүлээн, Ыраах эҥсэн дуораһый.
    Күннүк Уурастыырап
  • Маннык дьикти чуумпуга Эллэй Боотур саҥата эмиэ дьикти баҕайытык ыраахтан ой дуорааныныы эҥсэн кэлэр.
    И. Гоголев
  • Эмискэ саа тыаһа сатараан Этиҥнии эҥсэн түспүтэ.
    С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (4)
  • Этиҥнэр эмискэ эҥсэ дьааһыйаннар Эн үрдүгэр түһээри хаайаллар. Эккин-сииҥҥин тырыта тэбэннэр Иннигин ылыахтарын саныыллар
    Кыым
  • Иһиҥ түгэҕиттэн ыган, өрүтэ тыына-тыына, үөскүн тартарар курдук, уһуутаа; айаатаа. Θ Испускать вопль, издавать громкий гортанный крик; реветь. Сүүнэ үрүҥ илин атаҕынан буору хаһа-хаһа, иччитин ыҥырардыы иһин түгэҕиттэн эҥсэн сэттээхтик айаатабыт үһү.
    И. Гоголев
  • Салдьыр Саадьаҕай -- кутуругун куйбаҥната-куйбаҥната, иһин түгэҕиттэн эҥсэн, маҥыраан лаҥкынатта.
    Болот Боотур
  • Уу оҕуһа тулатын эргиччи көрүннэ, онтон эмискэ иһин түгэҕиттэн эҥсэн ынырык улаханнык орулаан тоҕо барда
    Куорсуннаах

3 туохтуур #

Элбэх, киэҥ сирдэринэн сырыт, кэрий

Нууччалыы Объезжать, обходить далёкие места

  • Эдэр булчуттар, баай хара тыа түгэхтэринэн эҥсэ сылдьаннар тайаҕы, саһылы, бэдэри киллэрэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күөх Көппө:] Сорох бэйэтэ төһө эмэ сиринэн эҥсэн, сылайан-элэйэн кэлэн олорор.
    Суорун Омоллоон
  • Сур бөрө торҕонноон иһэ экчэччи сиһин тоноҕоһугар хам сыстара, -- булт-ас көрдөөн бэрт ыраах сирдэринэн эҥсэ сүүрэрэ
    Далан

4 туохтуур #

Ырааҕынан эргитэн, дириҥник хорутан, уһуннук иҥнибэккэ саҥар, кэпсээ

Нууччалыы Говорить, рассказывать долго, подробно, отвлекаясь на ненужные детали

  • Чэ, доҕор, олус ырааҕынан эҥсимэ, бэтэрээнэн-бэтэрээнэн соҕус!
    А. Сыромятникова
  • Барахсан адьас хааһахтан хостоон эрэр курдук саҥарар, бэрт киэҥ сирдэринэн эҥсэр!
    И. Федосеев
  • Максим Аммосов киэҥник, баар балаһыанньаны бары өттүнэн ырытан, этэн эҥсэн барбыта
    Идэлги
Өссө холобурдар (5)
  • Киэҥник хабан, дириҥник олохтоохтук, дакаастабыллаахтык, ылыннарыылаахтык толкуйдаа, санаа. Θ Думать, мыслить широко и глубоко. Күтүрү, кырдьыга, ити курдук ырааҕынан эҥсэн саныыра буолуо диэбэт этим.
    Н. Неустроев
  • Аан дойдуну эҥсэн толкуйдуур үөрэх бөҕө киһи быһыылааҕа.
    И. Гоголев
  • Иккиэн билиилээх да дьон эбиттэр, эҥсэн түһэн өйдөрүн көрүөҥ этэ.
    А. Сыромятникова
  • Бу үөрэхтээх дьон барахсаттар, эҥсэн түһэн, өйгүт-санааҕыт атын эбээт, доҕоор!
    И. Семёнов
  • Ср. калм. эҥгэ ʽберег, побережьеʼ

«Э» буукуба