ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үллэһин

туохтуур

Нууччалыы делить, разделить что-л. между кем-л

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кимнээҕи эмэ кытта тугу эрэ түҥэтин, түҥэттэн ыл

Нууччалыы Делить, разделить что-л. между кем-л

  • Ол булчут тугу бултуурун бары үллэстэн сиэн олороллор, булт суох буоллаҕына бары хоргуйа олороллор. А Софронов. Тохороон Баһылай икки кырбас лэппиэскэлээҕин тоһута тутан үллэһиннилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ойуун муспут баайын үллэстэннэр, уолаттар олус баай эбиттэр
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Туох эмэ билэргин (хол., сонуҥҥун), ис санааҕын эбэтэр үөрбүккүн-хомойуккун атын дьоҥҥо биллэр, тиэрт

Нууччалыы Делиться с кем-л. новостями, мыслями, чувствами (напр., радостью, горем)

  • Соҕотох киһи сатаан да үөрбэт. Атын киһилиин үллэһиннэххэ эрэ киһи үөрүүтэ ситэр-хотор эбит.
    Н. Лугинов
  • Бырааһынньыктарын бииргэ атаараллар, ахтылҕаннаах дойдуларын сонуннарын үллэстэллэр. ӨӨ ДДьДТ. Микииппэр кэргэнин сүтэрэн тулаайахсыйбыта, санаатын үллэстэр киһитэ суох буолан, дууһата муунтуйбута
    ХС

3 туохтуур #

Тус-туспа арааран, аҥыы-аҥыы тыыран үллэр (хол. үлэни)

Нууччалыы Распределить что-л. (напр. работу) между кем-л

  • Хас да олоҥхоһут түмсэ түстэхтэринэ, оруолунан үллэстэн, бүтүн олоҥхону толороллоро.
    Суорун Омоллоон
  • Үлэбитин үллэһиннибит: Огдооччуйалаах Настаа [бурдугу] баайдылар, атыттар наар быстыбыт.
    С. Маисов
  • Кэргэнниилэр арахсыылара чаастатык дьиэ иһинээҕи үлэни-хамнаһы тэҥҥэ үллэстибэттэн тахсар
    Кыым

4 этии #

Нууччалыы Делиться с кем-л. поровну, никого не обижая (о еде)

  • Уостарынан үллэстэллэр - кими да баттаабакка, тэбис-тэҥҥэ үллэр (туох эмэ аһы) Өйүө астарын тобоҕун уостарынан үллэстэллэр.
    Н. Якутскай
  • Оннук булду [тайах этин] бука бары уостарынан үллэстэн сииллэрэ.
    А. Сыромятникова
  • Ити мин икки бургунаһым үүтүн уоспутунан үллэстэн олоробут. С. Никифоров

«Ү» буукуба