ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрдэл

аат тыл

Нууччалыы холмистая или гористая местность, возвышенность

1 аат тыл #

геогр. Дэхси сиргэ үллэн тахсыбыт курдук булгунньахтыҥы сир эбэтэр намыһах арҕас хайа

Нууччалыы Холмистая или гористая местность, возвышенность

  • Дьэргэли эмискэ баран иһэр туһаайыытыттан туора турар үрдэли өрө сүүрдэн элээрдэн таҕыста.
    П. Филиппов
  • Салгыы айанныыбыт. Үрдэлтэн үрдэлгэ дабайабыт.
    И. Брызгалов
  • Үрдэллэр картаҕа саһархай өҥүнэн бэлиэтэнэллэр.
    МНА ФГ

2 аат тыл #

байыан. Байыаннай чаас бөҕөргөтүүлээх тирэх пууна, үрдүк сир

Нууччалыы Высота (укрепленный военный опорный пункт)

  • Уйаны-хатаны көрдөрөр түмүк кыргыһыы 133-с үрдэли ылыыга буолбута.
    Ф. Софронов
  • Үрдэли өстөөх ыла охсоору Үгүс күүһүн биһиэхэ быраҕар, Сир үрдүттэн имири сотоору Снаряд, сибиниэс ардаҕын кутар.
    И. Егоров
  • Охлопков, ол иһэн көрдөҕүнэ, үрдэлгэ тириэрдэр траншея баар эбит
    Д. Кустуров

«Ү» буукуба