ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрдээ

туохтуур

Нууччалыы становиться выше, вырастать, подрастать

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Үөһэ диэки улаатан ис, улаат, уһаа

Нууччалыы Становиться выше, вырастать, подрастать

  • Үстүйэлиир салаалаах кэрдиирэ күөх оппут үрэх өнньүөс үөһүгэр Үтэн-үүнэн үрдээтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Көрөн сыттахпына, күөх бөлкөй от улам-улам үрдээн истэ
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Улаатан, элбээн, ыараан ис

Нууччалыы Увеличиваться, повышаться

  • Хамнаһа үрдээбит.
  • Бырыһыаммыт үрдүөҕүн математика тута сытар.
    Далан
  • Сылын аайы нолуоктара улам үксээн, үрдээн, ыараан иһэр.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Үтүө үлэ ситиитин, Дохуот үрдүүр кэскилин Өлгөм үүнүү тускулуур, Лоһуор туораах суугунуур
    А. Абаҕыыныскай

3 туохтуур #

Үрдүк дуоһунаска анан, талылын

Нууччалыы Повышаться (в должности)

  • "Билигин санаам эрэ диэн – дуоһунаһым үрдүүрүгэр баҕарабын" – диэн кэпсии истэ.
    П. Ойуунускай
  • Тиэтэйбэт буоллаххына, мин эйиэхэ улахан суолталааҕы этиэм... Эн оччоҕо улахан наҕараадаҕа да тиксиэххин, дуоһунаскар да үрдүөххүн сөп.
    Н. Якутскай
  • Эн үлэҕэр үрдээбитиҥ туһунан Уон тыллаах уурааҕы аахпытым. Үчүгэйинэн, хоһуунунан Үрдээтэҕэ диэбитим
    Л. Попов

4 туохтуур #

Итийэн улаат, өрө таҕыс (хол., киһи ыалдьан кыраадыһа тахсарын этэргэ)

Нууччалыы Стать более высоким, подниматься, повышаться (напр., о температуре тела)

  • Оҕо кыраадыһа үрдээн, пульса буоллаҕына кутталлаахтык тэбэр буолан иһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кыраадыһым үрдүүрэ тохтоон, Миигин тимир кырабааппар Сордоох ыарыы хам тоһоҕолоон, Сытыарбытын өрө бурҕайан, Туруом ... айманымаҥ, доҕоттоор!
    П. Тулааһынап

«Ү» буукуба