ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэрий

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы разматывать, распутывать, приводить в порядок что-л. запутавшееся

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Туох эмэ иирсибитин, бутуллубутун өһүл, сүөр, көннөр (хол., муҥханы, илими, быаны о. д. а.)

Нууччалыы Разматывать, распутывать, приводить в порядок что-л. запутавшееся

  • Буруоттан кыйдаран кумаар арыый хаптайбытын кэннэ илимнэрин бэрийдэ, иирсибиттэрин араарда. Софр. Данилов. Куммаа, наартатын хамсаабат гына иҥиннэрэн баран, ыттар аалыктарын бэрийдэ.
    Н. Габышев
  • Бэл муҥхаҕа муҥха өлүүтэ диэн туспа ууруллар - муҥхалаах киһи муҥханы бэрийэрэ - таҥара, бэйи, элбэх түбүктээх үлэ
    Кэпсээннэр

2 туохтуур #

Тугу эмэ бөхсүйэн, сааһылаан бэлэм оҥор (таҥаһы, туттар сэби-сэбиргэли о. д. а.)

Нууччалыы Приводить в порядок, подправлять, чинить что-л

  • "Былыр үйэҕэ эмтэниэх баара", - диэн Өксүү уоһун иһигэр ботугураата уонна дьиэлээх киһи курдук хаҥас диэки тиийэн иһити-хомуоһу бэрийбитинэн барда. Софр. Данилов. Суоҕу-баары бэрийэн, Солоҕунан оргутан, Сууйан-тараан, абырахтаан, Суорҕан, тэллэх оҥорбута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Удаҕан таҥаһын уот сөҕүрүйбүтүн кэннэ, сараҕыта уурдулар, бэрийдилэр.
    Н. Босиков
  • Булчут арыый иллэҥсийэн кыһыҥҥы олоҕун оҥоһуннун, булдун тэрилин бэрийдин. “
    Кыым

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ көр, харай, биэбэйдээ

Нууччалыы Присматривать, ухаживать за кем-л

  • Кини [Өрүүҥкэ], хамнаска сылдьан, үс сылы быһа аттары бэрийэн тахсыбыта. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Аана] сүүтүктээх илиитин оргууй күөрэҥнэтэн уһун түүнү иистэнэн тахсара, үс уолун, үс бухатыырын, бэрийэн кыратык утуйара, кыратык аһыыра.
    Н. Босиков
  • Кэҕэ баҕайы Бэйэтин оҕотун Биирдэ да Бэрийбэт диэн Бэрт өртөн ыла Биллэр буолб аат
    П. Тобуруокап
II

4 туохтуур #

дьүһ. туохт. Атыттартан улахан үрдүк буол, үрдээн көһүн; олус улахан, күлүктээх буолан көһүн (хол., хараҥаҕа, боруҥуйга)

Нууччалыы Быть ростом выше других; казаться очень большим и массивным (напр., в темноте)

  • Уолаттар тэҥҥэ хаһыытаһа түстүлэр да, уот күлүгүттэн бэрийэн тахсыбыт киһи диэки сүүрдүлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүтүннүү хаар буолбут киһи киирэн, суол аанынааҕы боруҥуй быыһынан бэрийэн турда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мин иннибэр оруос быыһыттан, соҕотохто субу курдук арай биир күтүр [ньиэмэс саллаата] эмиэ бэрийэн иһэр эбит.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Бэс чагда тумуһах тумулга Бэрийэр баараҕай харыйа
    М. Тимофеев

5 этии #

Нууччалыы Самый крупный, самый лучший, отборный, отличный

  • Бэрийэр бэрдэ - ким, туох эмэ саамай улахана, бөдөҥө, күүстээҕэ, саамай бастыҥа, чулуута Муннугар биирдэ эмэ тумуу да киирбэтэх, чэгиэн-чэбдик бэйэлээх, наһаа үчүгэй майгылаах уолан киһи бэрийэр бэрдэ этэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини иннигэр тойон кыыл бэрийэр бэрдэ, кэтэҕин чыначчы тартаран олордо.
    В. Яковлев
  • Лейтенант Аммос Аммосов икки бууттаах киирэни уон икки төгүл үөһэ анньара, оттон курсааннар саамай бэрийэр бэртэрэ баара эрэ аҕыс-сэттэ төгүл күөрэтэллэрэ.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • [Бүөтүр] чохороонун сүөрэн ылан, тиити биир сиринэн тэһэ оҕуста уонна титиригинэн анньыалаары саҥардыы үҥүлүтэн эрдэҕинэ, атыыр кырынаас бэрийэр бэрдэ таһырдьа ыстанна. Р. Кулаковскай

«Б» буукуба