ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүөр

туохтуур

Нууччалыы развязывать, распутывать что-л., отвязывать кого-что-л. [Миитэрэй] нөҥүө сарсыардатыгар, дьон турбутун кэннэ, кыратык нуктуу түһэн баран, туран хараҕын саба бааммыт былаатын сүөрбүтэ, тугу да көрбөт буолбут этэ

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Туох эмэ баайыллыбыты өһүл

Нууччалыы Развязывать, распутывать что-л., отвязывать кого-что-л. [Миитэрэй] нөҥүө сарсыардатыгар, дьон турбутун кэннэ, кыратык нуктуу түһэн баран, туран хараҕын саба бааммыт былаатын сүөрбүтэ, тугу да көрбөт буолбут этэ

  • "Сэрэн, доҕор, – управляющай баран аты сүөрбүтэ. – Эдэр сылгы атыҥырас буолар".
    Далан
  • Оҕонньор суумкатын тас сиэбиттэн туох эрэ кыраны, суулааҕы ылан, мас үрдүгэр ууран, бэркэ сэрэнэн сүөрдэ
    С. Никифоров

2 туохтуур #

Тимэхтэммити төлөрүт, босхо ыыт

Нууччалыы Отстегнуть (пуговицу)

  • Сонун тимэҕин сүөрдэ. Ырбаахытын үөһээ тимэҕин сүөрдэ.
  • [Өкүүчэ] Аҕылаан, аргыый уоскуйан, Сонун тимэҕин сүөрдэ.
    С. Васильев
  • Синиэлин тимэҕин сүөрэр, Хаамыытын түргэтэтэр Күн уота тыргылла тыгар Кини үс мэтээлигэр
    Баал Хабырыыс

3 туохтуур #

Туох эмэ мөккүөрдээх боппуруоһу, дьыаланы быһаар, оннун буллар

Нууччалыы Уладить (напр., конфликт), разрешить (напр., спор)

  • Бэйэм буруйдаахпын – бэйэм сүөрүөхтээхпин. Ол иһин Дьуурга даҕаны, силиэстийэ да сууттарыгар, мин кырдьыгы этиэхтээхпин
    Суорун Омоллоон

4 этии #

Нууччалыы Развязать узел одним резким сильным движением. [Уол] чомпой бэргэһэтин быатын сүөрэ тардан кэбистэ

Этиилэр

Сүөрэ тарт

биир күүстээх тардыынан өһүллэр, төлөрүйэр гына төлө тарт Күннүк Уурастыырап.

  • Ср. ДТС йөр ‘отвязывать, распутывать’, туркм. чөзмек ‘развязывать’

«С» буукуба