Перевод с якутского
кэтээ
туохтуур
Нууччалыы стеречь
English to guard
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы стеречь
English to guard
сүөһүнү кэтээ стеречь скотto guard the cattle
2 туохтуур #
Кими, тугу эрэ кыһанан, сорук оҥостон күүт
Нууччалыы Кого-что-л. долго, упорно ждать, поджидать, дожидаться
Кэтээбитэ үһүс хонугун туолуутугар күн тахсыыта икки куба курдук үрүҥ таҥастаах дьон көстөн баран, мэлис гынан хаалаллар. Саха фольк Кыыһыгар биэрээри сибэкки үргээбит, Тапталын этээри, Чараҥҥа кэтээбит. Күннүк Уурастыырап Сэрии элбэх сиэртибэлээх, Ол да буоллар миигин кэтээ, Тыылга, кытаат, үлэлээ! Баал Хабырыыс
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ көрө-истэ, билэ-чуҥнуу сырыт (үксүгэр кистии-саба)
Нууччалыы Наблюдать, следить, подсматривать за кем-чем-л. (обычно тайком)
Уһун күнү быһа Ону-маны манаһа Уора-көстө кэтиир Убаһалыы кистиир. Болот Боотур Кэнники хас да сыл күнү-дьылы кэтиир, сылгыны чинчийэр сэптэри кытта бодьуустаһан таҕыста П. Филиппов Харабыллаа, манаа. Θ Караулить, сторожить, охранять кого-что-л. Кэтээбитэ кэргэнэ, манаабыта балаҕана (өс ном.). Ср. тув. кэдэ 'подстерегай, подкарауливай'
4 этии #
Нууччалыы Постоянно заниматься разведением крупного рогатого скота, не ведая никаких других занятий
Этиилэр
Айаҕын кэтээ көр айах
Илиитин-атаҕын кэтээ көр илии-атах
Илиитин кэтээ көр илии
Кылыытын кэтээ көр кылыы
Сирэйин-хараҕын (сирэй-харах) кэтээ көр сирэй-харах
[Быыпсай:] Биһиги былыргылыы сүөһү кэннин кэтиир дьон, аны дьон буолуохпут дуо.
Суорун ОмоллоонСүөһү кутуругун (кэннин) кэтээ (манаа) - атынынан дьарыктаммакка наар сүөһү иитиитинэн эрэ дьарыктан Ыччаттар промышленнаска барбаттар. Наар сүөһү кутуругун манаан ханна ыраатыахтарай
5 этии #
Нууччалыы Изучение, наблюдение за изменениями, происходящими в чем-л
Кэтээн көрүү - туох эмэ уларыйыытын сорук оҥостон чинчийии Саҥа Долбор олохтоохторо ыарыыга ордук ылларымтыаларын туһунан эн кэтээн көрүүҥ олус интэриэһинэй. Г. Угаров Кинигэлэр иллюстрациялара даҕаны, кини [Шапошников] -- олоҕу, айылҕаны кэтээн көрүүлэрин түмүктэрэ. Эрчимэн