Перевод с якутского
кэтэбил
аат тыл
Нууччалыы ожидание, выжидание; надежда
English guard, watch
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Кими, тугу эмэ күүтүү; туох эмэ туоларыгар эрэмньи
Нууччалыы Ожидание, выжидание; надежда
Сөмөлүөт кэтэбилэ. Билигин [кыһыллар] аһаабатахтара икки хонно. Атын сиртэн кэлэн ким эмэ өрүһүйүө диэн кэтэбил суох Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Харабыл, манабыл (үксүгэр саалаах-сэптээх, байыаннай)
Нууччалыы Охрана (обычно вооруженная, военная)
Сигнал быһыытынан уоту аһан, рота өстөөх бойобуой кэтэбилин үлтүрүппүтэ. ИИФ ИДЫК. Кэтэбиллэр сорохторо үөһэ тахсаллар, сорохторо ампаары эргийэ хаамаллар. В. Протодьяконов Кинилэри чуҥната кэннилэриттэн байыаннай кэтэбили ыыппыттар. С. Сарыг-оол (тылб.)
3 аат тыл #
Кими, тугу эмэ бастайааннай хонтуруолга ылыы, хонтуруолга тутуу
Нууччалыы Постоянный надзор, контроль, наблюдение над кем-чем-л
Тутуллубуттар полиция оһуобай кэтэбилигэр бэрилиннилэр. П. Филиппов Арыгыттан эмтэммит киһи хайаан да наркологическай кэбиниэккэ кэтэбилгэ сылдьыахтаах. ТХХ АС. Ыһыыны, мэччирэҥи, ууну уонна ойууру көрө сылдьарга кэтэбил тэрийиэхтээххит МКББ
4 этии #
Этиилэр
Тыын кэтэбилэ көр тыын
[Иван Степанович:] Хараҥа батталга тэпсиллэн, хайдах эрэ хоргуйан өлбөт эрэ иһин, баайдар хаппытаалларын хаҥатарга түүннэри-күнүстэри үлэлээн сордоноллоро. Тыын эрэ кэтэбилигэр. С. Ефремов