ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрэлин

Нууччалыы прийти в состояние развала (напр., хозяйство). [Онтоон Кириисэҕэ:] Аҕыйах хонон баран холкуостара үрэллэн хаалыа ээ, эн ону туох дии саныыгын?

1 #

Ыһыллан-тоҕуллан эстэн бар, суох буолан хаал (хол., хаһаайыстыба)

Нууччалыы Прийти в состояние развала (напр., хозяйство). [Онтоон Кириисэҕэ:] Аҕыйах хонон баран холкуостара үрэллэн хаалыа ээ, эн ону туох дии саныыгын?

  • үрэй диэнтэн атын. туһ. Өлүү түбэлтэлээх сүүрүккэ дэлби халкыҥнаан, тоһоҕолоро били холбооттообут хаптаһыннарын кыайан туппакка, болуоттара үрэллэн барбыта.
    И. Федосеев
  • Үрэҕи туоруур суон бэрэбинэ муоста эргэрбит, кытыыта үрэллэн хаалбыт, ортото кэдэйбит.
    А. Сыромятникова
  • Маша аргыый туран олордо. Үрэллэн хаалбыт баттаҕын өрө анньынна. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Мин бардахпына саҥардыы тэриллибит саҥа дьахталларын холбоһуга үрэллиэҕэ.
    ХС
  • Сүҥкэн күчүмэҕэйдэри кыайан сэбиэскэй норуот сэриигэ үрэллибит хаһаайыстыбаны чөлүгэр түһэрбитэ
    ЭБТ

2 #

Тарҕанан, симэлийэн, сүтэн суох буолан бар (хол., буруо)

Нууччалыы Развеяться, разнестись в стороны (напр., дым)

  • Буруо арыый үрэллэн, Витя көрбүтэ – биир кус чугас иттэни түһэн атаҕа эрэ ибигирии сытара
    Н. Заболоцкай

«Ү» буукуба