Перевод с якутского
үрүмэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы тонкая пленка или пенка на кипяченом молоке
English cream
1 аат тыл #
Кыыймыт үүт сойоругар үөскүүр чараас сымнаҕас араҥа
Нууччалыы Тонкая пленка или пенка на кипяченом молоке
Киирэн баахыла, арыы, үүт үрүмэтин холбуйан муспутун былаакка суулаан, баайан баран, хап-сабар тахсан барда.
Суорун Омоллоон, Мукуйук үүт үрдүттэн үрүмэни илиитинэн кытаахтыы-кытаахтыы сиир.
КүндэКиэҥ айахтаах көһүйэҕэ ыаммытынан үүтү кыынньаран үрүмэтин хомуйаллар СНЕ ӨОдь
2 даҕааһын #
суолт. Чараастык долгуннуран, дьирибинээн эбэтэр эбирдэнэн көстөр (хол., долгун)
Нууччалыы Тонкий, перистый, с мелкой рябью (напр., о волнах)
Тыы анныттан үрүҥ көмүс үрүмэ долгун оонньоон тахсан истэ. М. Доҕордуурап Кыра да салгына суох ылааҥы күҥҥэ үрүмэ долгуннара үрүҥ көмүс уубун уйгурдуом диэн сэрэммиттии, оргууй үрүлүйэн күлүмүрдүү оонньуу сытар буолар. П. Филиппов Өлүөнэ эбэ иэнэ Үрүмэ көмүстүү күлүмнээн Бу күргүөмнээх үлэни, бу сандаарар кэскили Көрөр, Көҕүлүүр курдуктар. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Киэһэрбит күн чараас үрүмэ былыт быыһынан өлбөөрөн көстөр В. Егоров