ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үрүмэлээ

туохтуур

Нууччалыы наваривать (собирать) молочную пенку

1 туохтуур #

Оргуйбут (кыра уокка оргуйа турар) үүттэн, үрүмэтин хастаан мус

Нууччалыы Наваривать (собирать) молочную пенку

  • Күндү үөрүү күннэрин, Көһүйэлээх сүөгэйтэн Үрүмэлээн мунньаҥҥын Көһүт, көһүт, көмүһүм!
    П. Тулааһынап

2 туохтуур #

Саамай үчүгэйин, баайын, астааҕын баһан, сомсон ыл

Нууччалыы Брать только самое лучшее, отборное, богатое (остальную часть оставляя)

  • Бастыҥ үлэһиттэр халыҥ аармыйаларыттан, бастакы куйуур балыгын курдук, үрүмэлээн эрэ ылбыт үс ааппыт итинниктэр.
    Г. Нынныров
  • Көмүсчүттэр, куолутунан үрдүн эрэ үрүмэлээн ылаат, ааһа турбуттара.
    ХС
  • Кини олоҕор, үлэтигэр туох үчүгэй баарын була сатыы-сатыы үрүмэлээн, сүүмэрдээн кэпсиирэ. А. Островскай (тылб.)

«Ү» буукуба