ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтэй

туохтуур

Нууччалыы отдалить, удалить что-л. от себя, толчком удалить кого-, что-л

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ үтүрүйэн бэйэҕиттэн тэйит эбэтэр халбарыччы ас

Нууччалыы Отдалить, удалить что-л. от себя, толчком удалить кого-, что-л

  • Оттон куйаас күннэри үтэйэн, ыараханнык аллараа намылыйбыт былыт лүҥкүрэ бүрүйдэ.
    П. Аввакумов
  • Эмискэ соҕурууттан илгийэр ичигэс тыал тымныы салгыны Үтэйэн үлэ киһитин уруйдуурдуу сымнаҕас хаары өрүкүтэн ааста.
    Болот Боотур
  • Наһаа кыыһырбыт Миитээс кыыһын күүскэ халбарыччы үтэйэн кэбистэ. В Протодьяконов. Даадар кэлэн оҕонньору торуоскалаах илиититтэн ылла, аан диэки үтэйдэ
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ бэйэҕиттэн атын киһиэхэ халбарыт, көлбөрүй (хол., үлэни)

Нууччалыы Сваливать на кого-л. что-л. (напр., работу)

  • Сөдүөччүйэ ити дьоһуннаах дьыаланы оҕонньоругар үтэйэрэ табыллыа суох.
    В. Гаврильева
  • Оҕо эрдэҕиттэн аҕата үөрэппитин курдук, хаһан даҕаны толлон турбат этэ, ыараханы, кытаанаҕы доҕотторугар үтэйбэт буолара
    Кыым

3 туохтуур #

Саха төрүт итэҕэлинэн, киһини-сүөһүнү булбут абааһыны төттөрү (кэлбит сиригэр) үүр (ойуун туһунан этэргэ)

Нууччалыы Прогонять, удалять, спроваживать (о шамане, изгоняющем злого духа)

  • Оо, кырдьаҕас, күн-ый буол, аһын-абыраа! Ити абааһылары үтэйэн көр, хара көлөһүҥҥүн умнуохпут суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Сүдү ойууну ыҥыран аҕалан кыырдаран кини ыар тыынын бу орто дойдуттан үтэйэн баран, көмөн кэбиспиттэр.
    И. Федосеев
  • Мэлгэйбээт туох да бокуойа суох – ол абааһылары хаһан да эргиллибэт гына үтэйиэн иһин кыаҕа тиийбэт
    ХС

«Ү» буукуба