ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтүрээ

туохтуур

Нууччалыы наступать, наседать, нагрянуть

туохтуур

Ыган тиийэн кэл, ааҥнаа (улахан иэдээн-алдьархай, өлүү-сүтүү туһунан этэргэ)

Нууччалыы Наступать, наседать, нагрянуть (о больших бедствиях)

  • Мин аҕаһым Ытык Хахайдаан обургу, кэл эрэ! Өлөр күн дьэ үтүрээтэ, хаалар күн дьэ хаххалаата, суон ойуур курдук өһөх хааны үктэллэнэн кэлэн, дурда буол эрэ.
    Саха фольк
  • Сэрии үтүрээн киирбит сирдэриттэн куотан дойду улаҕа өттүн диэки баран иһээччи мөлүйүөнүнэн дьон хоргуйан өлбүттэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ол үлүгэрдээх өлүү үтүрээбититтэн ханнык албаһынан ордон хаалабыт? Үтүө сүбэҕиттэн бэрис
    Р. Кулаковскай

«Ү» буукуба