ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөрэхтээһин

аат тыл

Нууччалыы массовое обучение населения грамоте

1 аат тыл #

Нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын ааҕарга-суруйарга үөрэтии, үөрэҕинэн хабыы

Нууччалыы Массовое обучение населения грамоте

  • Улахан дьон үөрэхтээһинин бэйэм тэрийэн ыытыам диэбитэ.
    Болот Боотур
  • Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн кэлимсэ үөрэхтээһин күүскэ ыытыллыбыта. Эрчимэн. Үөрэхтээһин боппуруоһа Саха сиригэр аҕыйах ахсааннаах омук дьылҕатыгар уһулуччу суолталааҕа
    ХС

2 аат тыл #

Хайа эмэ уобаласка билиини-көрүүнү тарҕатарга анаан дьону үөрэтии

Нууччалыы Обучение людей основам какой-л. области знания

  • Араас дьаһаллар ыытыллаллар, Мунньахтыыбыт, политическай үөрэхтээһин занятиеларын оҥоробут.
    С. Окоёмов
  • Оскуолалар реформаларын уурааҕар сөп түбэһиннэрэн төрөппүттэргэ педагогическай уонна психологическай билиини-көрүүнү тарҕатарга аналлаах педагогическай үөрэхтээһин ыытыллыахтаах. ЧКС АК. Кэлэктиипкэ экономическай үөрэхтээһин олус намыһах, экономическай механизм боппуруостарын үлэһиттэр чуолкайдык өйдүү иликтэр
    Кыым

3 этии #

Нууччалыы Всеобщее обязательное обучение населения грамоте (во времена ликвидации неграмотности в тридцатые годы двадцатого столетия). [Пал Палыч] булгуччу үөрэхтээһин аан маҥнай тэнийиитин саҕана -- алтыс-сэттис кылааһы нэһииччэ бүтэрбит "суһал оҥоһуулаах" учууталларга үөрэнэн абыраммыт уонна алдьаммыт көлүөнэ дьонуттан биирдэстэрэ

Этиилэр

Булгуччу үөрэхтээһин

сүүрбэһис үйэ отутус сылларыгар үөрэҕэ суох нэһилиэнньэни булгуччулаахтык ааҕарга-суруйарга үөрэтии Н.

  • Заболоцкай. Сэттэ кылааска диэри булгуччу үөрэхтээһин киирэн эрэр.
    ХС
  • 1930 сыллаахтан булгуччу үөрэхтээһин сокуона олоххо киириитэ саҕаламмыта. ССЛИО.

Про-фессиональнай үөрэхтээһин

анал орто эбэтэр үрдүк үөрэхтээһин.

Среднее или высшее профессиональное образование.

  • Научнай-техническэй сайдыы профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ ордук үрдүк көрдөбүллэри туруорар. "ХС"

«Ү» буукуба