Перевод с якутского
үөскэх
аат тыл
Нууччалыы зародыш, эмбрион
1 аат тыл #
,
Куурусса олорбута бэһис-алтыс күнүгэр овоскобунан көрдөххө үөскэх баара уонна хаанын тымырдара биллэр буолар. ПАЕ ДЬКК. Үөскэх бары наадыйар бэссэстибэлэрин ийэтин организмыттан ылар. КВА Б. Саха биэтин үөскэҕэ уохтаахтык улаатар кэмэ үксүгэр ахсынньы, тохсунньу ыйга түбэһэр АНП ССХТ
2 аат тыл #
биол. Ийэ эбэтэр сымыыт иһигэр адьас саҥа үөскээн эрэр тыынар тыыннаах, организм
Нууччалыы Организм на ранней ступени своего развития, живущий за счет материнского организма или питательных веществ в яйце, зародыш, плод
3 аат тыл #
Туох эмэ саҥа үөскээн эрэр туруга, көрүҥэ
Нууччалыы Первое появление, зачаточное состояние чего-л
Таҥара дьиэлэригэр барыларыгар комсомол уонна пионер тэрилтэлэрэ хараҥа күүс үөскэхтэрэ буолаллар диэн мэлииппэ ааҕыллыбыта. БТТ. Империализмы уонна кини ордук амырыын үөскэҕин – фашизмы кытары баараҕай байыаннай киирсиигэ социалистическай тутул кыайбыта УОСРБ