Перевод с якутского
һай-һат
Нууччалыы крик, понукающий скот (стадо скота), коня (табун лошадей) к скорейшему бегу
1 #
саҥа алл. Сүөһүнү, сылгыны үүрэргэр түргэтэтэр хаһыы
Нууччалыы Крик, понукающий скот (стадо скота), коня (табун лошадей) к скорейшему бегу
Һай-һат! Саллырҕаччы сиэлэн иһиий! Уурастаамаар! Мин бэрт былдьаһааччы Буолбатахпын, ол да буоллар Кыһыыта бэрт, дьонтон хаалар. И. Гоголев Таһырдьа ынахтар маҥыраһаллара, били соҕотох биэлээхтэрэ кистээн аймаһыйбыта, онуоха эбии һай-һат, һуу-һаа диэн саҥа айдаана [кыыс кулгааҕар] ынырыктык иһилиннэ. М. Доҕордуурап Хара Кыыс [ынах аата] кэлээтин төрөөбүтэ, дьэ һай-һат буола түспүппүт В. Иванов
2 этии #
Нууччалыы Развести огромное количество скота, разбогатеть крупным рогатым скотом и лошадьми
Этиилэр
Һай-һат диэ
1) элбэх сүөһүлэн, сүөһүнэн байан бар Кэлин кинилэр һай-һат диэн кыаҕыран барбыттара.; 2) үрдүк ситиһиилэн, балаһыанньаҥ тубус, өрө таҕыс.
Добиться больших успехов, достигать высот, находиться в лучшем положении.
Халаммыт норуоттар ииммиттэрэ-сүппүттэрэ, олох сайдыыта ол континеннарга бытаарбыта, ол оннугар Европа норуоттара "һай-һат" диэбиттэрэ, тыыллан-сайдан тахсыбыттара. Далан Улахан өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх дьон баар буоллахтарына эрэ төрөөбүт Сахабыт сирин "һай-һат" дэтиэхпит. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Өрдөөҕүтэ манна эмиэ улахан күөл баарын Боппуоктар көһөрөн олус киэҥ, олус үүнүүлээх ходуһа таһаарбыттар, онтон ыла "һай-һат" диэн байан барбыттар. "ХС"