ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өкөй

туохтуур

Нууччалыы наклоняться, сгибаться, накрениться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Бүгүн эрэ дуо, эн Халдьаайы сыыры Харах уулаах дабайбытыҥ, Өкөйбүт сэргэни Өһөх хааннаах өйөөбүтүҥ?
    С. Васильев
  • Мантан аллара диэки устан иһиэҥ, тоҥ күөс быстыҥын аҥаара холобурдааҕы барбытыҥ кэннэ, хаҥас өттүгэр өрүскэ өкөйөн түспүт чаллах тиит турар буолуо.
    И. Федосеев
  • Биир мас ыллык үрдүнэн өкөйөн турар. В. Бианки (тылб.)

2 туохтуур #

Иҥнэри түс, иҥнэй

Нууччалыы Наклоняться, сгибаться, накрениться (о дереве)

3 туохтуур #

Нөрүччү, нүксүччү тутун

Нууччалыы Сутулиться

  • Аҕыс уон сааспын Аҥаарыйа туоламмын - Үрүт өттүм Үөдэни өҥөйөн Өкөйө утуктаан Олордоҕум үһү, оҕолоор!
    Саха фольк
  • Кураанах куруҥах курдук мин өкөйөн, Куруйан өр турдум тумулбар
    Дьуон Дьаҥылы

4 этии #

Нууччалыы Доходяга (букв.: согнувшийся от старости, болезни)

  • Өлөөрү өкөйбүт - кырдьан, ыалдьан өлөрө чугаһаабыт Кинилэргэ чугас тэллэх баттаһа олорор ыаллар бааллара да бары "бараары бакыйбыт, өлөөрү өкөйбүт" диэбиккэ дылы дьон этилэр.
    А. Сыромятникова
  • Кырдьан буорайан, Бараары бакыйбыт, Өлөөрү өкөйбүт Ийэлээх-аҕалаах этим.
    С. Васильев
  • Ср. калм. өке ‘нагибаться’

«Ө» буукуба