ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өнөр

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы зажиточный, богатый, обильный

1 даҕааһын #

Өлгөм, дэлэгэй, баай-дуол, байылыат олохтоох

Нууччалыы Зажиточный, богатый, обильный (о жизни)

  • Өнөр ыал. Өнөр олох.
  • Баай талымнаах, Балым быйаҥнаах, Өнөр үскэмнээх, Өлгөм баайдаах дойду эбит.
    П. Ойуунускай
  • Өрүү өйдүүбүн, өрүү таптыыбын Үрэхпин, тыабын, өнөр налыыбын, Хаартан, сулустан үөскээбит сыһыыбын!
    Л. Попов

2 даҕааһын #

Бөдөҥ, түргэнник улаатар, ситэр, бөдөҥүүр, талбыт курдук толуу

Нууччалыы Отборный, лучший, крупный (о сорте)

  • Өҥнүүр дьылбыт эргийдэ, Өлбөт оҕо төрөөтө, Өнөр сүөһү үөскээтэ, Уруй-айхал улаатта, Үөрүү-көтүү үксээтэ, Өрөгөй-талаан үрдээтэ.
    Саха фольк
  • Эн үүннэрбит өнөр куоластаах бурдуккунан, оттообут отуҥ күөх салаатынан, күүтэр доҕоруҥ көтөн кэлэр кынатыгар куорсун-дабыдал үүннэрдиҥ
    Т. Сметанин
  • Тэриэлкэҕэ кэлбит куһу биилкэнэн Тэһэ анньары да сирбэтэрбин, Булчута суох урааҥхай сиэринэн Булт өнөрө диэн тугун билбэппин.
    С. Руфов
Өссө холобурдар (2)
  • Күһүн кукурузаҥ саамай өнөрүттэн түүтэхтээҥҥин биһиэхэ ыытаар.
    А. Фёдоров
  • Ср. монг. өнөр ‘многодетный’, др. -тюрк. унур ‘могущественный, сильный’

3 аат тыл #

суолт. Туох эмэ элбэҕэ, өлгөмө

Нууччалыы Изобилие, богатство, отборность чего-л

«Ө» буукуба