ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өҥүс

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы присваивать себе результаты чужого труда

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

, кэпс. Ким эмэ үлэтин түмүгүн апчарый, көлөһүннээн сиэ

Нууччалыы Присваивать себе результаты чужого труда

  • Кыра-хара норуот көлөһүнүн өҥсөр баайдары, олор илиилэрэ-атахтара буолар дьоннору хаайталыыр этим
    Күндэ
II

2 аат тыл #

Үүт ас уһуннук турбут иһитин түгэҕэр, эркинигэр сыстан, олорон хаалбыт хойуу көлбөх, ньоҕох

Нууччалыы Вязкий сгусток, вязкая грязь на дне и стенках сосуда, в котором длительное время хранились молочные продукты

  • Иһит түгэҕин өҥсө. Кымыс өҥсө

3 аат тыл #

Киһи ис уорганын (хол., оһоҕос) ис өттүн хойуу салыҥа

Нууччалыы Густая слизь на стенках внутренних органов человека (напр., кишок)

  • Оһоҕос өҥсө. Оһоҕоһун өҥсө бараммыт
III

4 #

өҥүс бас - моой төрдүн икки өттүнээҕи быччыҥ

Нууччалыы Затылочные мышцы (у основания шеи с обеих сторон)

  • Өҥүс баска оҕуста.
  • Икки өҥүс бас. ПЭК СЯЯ. Сыллай кэлэн Миитэрэй өҥүс баһыгар харытын уурда.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаҥханта кыбдьырына түһэн баран, хамначчытын өҥүс баска саайар
    А. Фёдоров

5 этии #

Өҥүс тымыр - киһи моонньун икки өттүнэн барар хорук тымырдар Мин өҥүс тымыры, чуолкайдаан эттэххэ, каротиднай синуһу, ыга баттыыбын. ДьДьДь. Ср. туркм. еҥсе ‘затылок’

Нууччалыы Сонная артерия

«Ө» буукуба