ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ай

туохтуур, ынырыы

Нууччалыы творить, создавать

English to create

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар

Нууччалыы Творить, создавать

  • Саҥа ырыаны ай. Искусство айымньытын ай. Норуот айбыт ырыалара.
  • Нарын-намчы искусство үлэлэрин айарыгар анаан үүммүппүт диэххэ айылаах, эҥкилэ суох көнө, үрдүк, ыраас лиҥкинэс тиит мастары быыстарынан кини баран истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу күн анныгар киһи барыта Кэрэни сырдыгы айаары айыллар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Ходуһа былаһын тухары үрүҥ уонна күөх өҥнөр кыттыһан туспа, бу эрэ дойдуга баар хартыынаны айаллар
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Баар гын, олохтоо, туругурт, үтүө дьылҕалаа (итэҕэл быһыытынан таҥара, атын да барыны бары дьаһайар, баар гынар үөһээҥҥи күүстэр тустарынан)

Нууччалыы Предопределять, предназначать, давать жизнь, предначертать свыше (по поверью - о сверхъестественных силах, божественном начале)

  • Таҥара баара буоллар, ааспат-туорбат гына айыа этэ, Өлөрсүбэт-өстөспөт гына өйдүө этэ.
    П. Ойуунускай
  • Эйигин ол “эр бэрдин - хорсун туйгун Эрэйбин чэпчэт, дьайын аччат” - диэн, Айыҥат хаантан миэхэҕэ Анаан, айбыттара буолуохтаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аан дойдуну айан баран, таҥара киһиттэн ыйыппыт: “Кыһыны уһун гынабын дуу, сайыны уһун гынабын дуу?”
    Саха фольк

3 туохтуур #

Сиргэ киһини баар гын; оҕону үөскэтэн, иитэн таһаар (үксүгэр аҕа туһунан)

Нууччалыы Родить на свет; родить, воспитать, выпестовать (ребенка)

  • Мэхээлэ, эйигин айан, төрөтөн, маннык олоххо олорпут аҕаҥ оҕонньор барахсан, эн үөрүүлээх үтүө күҥҥэр, сырдык дууһатын таҥараҕа туттаран баран, сытарын көрөн баран, кырбаатахха да тахсыбатах хараҕым уута таҕыста
    А. Софронов
II

4 #

саҥа алл., кэпс. Үөрүүлээх биһирээһини көрдөрөр, үксүгэр да эбиискэни кытта туттуллар

Нууччалыы Выражает радостное одобрение, обычно употребляется с частицами да

  • Мүлдьү... Бүү! һук! - дьэ харсыһыы буолла... һок! һок! Чуокка кыайда. Ай-да биһиги Чуоккабыт!
    Суорун Омоллоон
  • Ай да, обургуо-о! ПЭК СЯЯ. [Маайыс:] Ай да, аҕам маладьыас (кууһар)
    С. Ефремов
III

5 #

Тугу да үөскэппэт буол, үөскэтэр дьоҕургун сүтэр (кырдьан, ыалдьан - киһи, сүөһү туһунан)

Нууччалыы Потерять способность производить, давать что-л. (от болезней, старости, напр., приплод, молоко - о корове)

  • Үүтүттэн, уруутуттан айан барбыт сүөһү (ынах, сылгы). Уруутуттан айан барбыт киһи буолуо
    ПЭК СЯЯ

«А» буукуба