Перевод с якутского
ил
аат тыл
Нууччалыы обдавать, охватывать, веять; нежно касаться (о воздухе). [Күн] ситэ уоттана илик буолан, сүрдээх сылаанньыгас сөрүүн, сайаҕас салгын киһи сирэйигэр ил гына түһэрэ чэбдигэ, сэргэҕэ олус
English state
1 #
ил гын – 1) саба биэр, сайа оҕус (салгын туһунан)
Нууччалыы Обдавать, охватывать, веять; нежно касаться (о воздухе). [Күн] ситэ уоттана илик буолан, сүрдээх сылаанньыгас сөрүүн, сайаҕас салгын киһи сирэйигэр ил гына түһэрэ чэбдигэ, сэргэҕэ олус
Дөрүн-дөрүн сөрүүн салгын киһи сирэйигэр эйэҕэстик ил гынан ааһар. Амма Аччыгыйа Хантан эмэ муҥ саатар Сөрүүн салгын ил гыммат. Күннүк Уурастыырап; 2) көсп. хамсаан, күөдьүйэн кэл. Θ Приходить в состояние волнения, возбуждения, движения. Уол сүрэҕэ итиинэн ил гынна. А. Сыромятникова Долгуйуу... Адьас умнуллубат да баҕайы эбит. Уруккуу-урукку түүнүгүрбүт өйдөбүллэр дьапталҕаларын түгэҕиттэн туох эрэ ил гынна.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ил курдук – итиинэн саба биэрэр, сылаас (салгын, тыал туһунан). Θ Теплый, обдающий теплом (о воздухе, ветре). Хоту диэкиттэн күрүс-күрүс сайыҥҥы ил курдук сып-сылаас тыаллар үрэллэр. "Чолбон". Ил салгын – итии салгын, итиинэн илгийэр салгын. Θ Обдающий теплом воздух. Илигирии сиэттиһэн, Ил салгын иэнигийэн Ийэ сири сылыппытыгар, Эйэҕэстэй алааспар Эйээриэҕиҥ, эдэрдээр! Саха нар. ыр. III
2 аат тыл #
Эйэлээх буолуу; бэйэ икки ардыгар этиспэккэ-охсуспакка, өстөспөккө нус-бааччы сыһыаннаһыы
Нууччалыы Мирно-дружественные, согласные, спокойные отношения между кем-л. [Аайта:] Мотя, эн биһиги илбитин харыстыыр буоллаххына, Аны миигиттэн тугу да ыйытыма
Иллээҕэр эйэҕэс сүрэхтээх, Өстөөхтүүн көрсүһэр күрэхтээх, Ийэ сир эйэлээх олоҕун, Эн курдук, көмүскүү туруохпут! Күннүк Уурастыырап Тахсарын кэтэһэр Таптыыр да сибэкким, Ардыгар ил эстэр Аргыһа эбиккин. С. Тимофеев Ср. тюрк. ел, ил ‘народ, племенный союз; государство; мир, согласие’