ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иллэс

туохтуур

Нууччалыы мириться, возобновлять дружбу

1 туохтуур #

Кыыһырсан, этиһэн, өстөһөн баран эйэлэс, кими эмэ кытта бэртии буол

Нууччалыы Мириться, возобновлять дружбу (обычно прерванную ссорой, враждой)

  • Дунаайдар, Дьарааһыннар билигин иллэспиттэр, эйэлээх баҕайытык кэпсэтэ-кэпсэтэ иккиэн төһүүнэн биир чөҥөчөгү түөрэ тураллар.
    Күндэ
  • Мунньах аайы айдааран тахсаллар: этиһэллэр даҕаны, иллэһэллэр даҕаны.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыра оҕолор күҥҥэ уонна охсуспуттара уонна иллэспиттэрэ биллибэккэ хаалар
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

Итэҕэскэ-быһаҕаска тулуйумтуотук сыһыаннас, кыһаллыма

Нууччалыы Терпимо относиться ко всяким недостаткам

  • Биһиги өйдөөһүммүтүгэр демократия итэҕэстэргэ либеральнайдык сыһыаннаһыыны кытта, дьон олохторугар уонна үлэлэригэр мэһэйдиир суолларга иллэһэн хаалыыны кытта туох да дьүөрэтэ суоҕун тоһоҕолоон бэлиэтиэҕи баҕарыллар.
    ПА

«И» буукуба